Өй
Өй
Манна сыһыаннаах сомоҕо домохтор
уларыт- Өй аҥаардаах
- Өйбөр киирбэт
- Өй булан (булунан)
- Өйбүттэн көтөн хаалла
- Өй былдьас
- Өй бэрт - үгэргээн этии
- Өйгө да суох
- Өйгөр (төбөҕөр) иҥиннэр
- Өйгөр тут
- Өйгөр түһэр
- Өйгөр хатаа
- Өйгүн бул
- Өйгүн-төйгүн бул (булун)
- Өйгүн тутӨйгүн Үөйдөөх санааҕын) тута сыт
- Өйдөөх хааҥҥын киллэрэн
- Өй киирдэ
- Өй киллэрдэ
- Өй көтөн туста
- Өй-мэй буол
- Өй мэйдээх тулуйбат
- Өйө баайыллар (бааллар)
- Өйө барбат
- Өйө көттө
- Өйө кылгаан биэрдэ
- Өйө мастыйбыт
- Өйө өйүнэн
- Өйө өһүллүбүт
- Өйө-санаата алдьанна
- Өйө-санаата иирбит
- Өйө суох буолбут
- Өйө сынньылынна
- Өйө сытыйбыт
- Өйө тобуллар
- Өйө туймаарда
- Өйө (мэйиитэ, төбөтө) хамсаабыт
- Өйө хоппот
- Өй-санаа өттүнэн сытыйбыт
- Өй-төй буол
- Өй-төй өйдүүр - [[Кэннибиттэн кэлэн оройго охсубуттара. Ол кэнниттэн туох буолбутун өй-төй өйдүүбүн.]]
- Өй уган биэр
- Өйүгэр баппат
- Өйүгэр (да) оҕустарбат
- Өйүгэр көтөн түстэ
- Өйүгэр түһэр
- Өйүкү-төйүкү буолла
- Өйүм сыстыбат
- Өйүн баай
Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро
уларыт- Биир өй үчүгэй, икки өссө үчүгэй
- Күүс өйгө бэринэр
- Бэйэҥ өйгөр эрэн, атынныын сүбэлэс
- Дьону иһит, ол гынан баран бэйэҥ өйдөөх буол
- Өйдөөх киһи сүүс төбөнү аһатыа, акаары – бэйэтин да аһатыа суоҕа
- Атын киһи өйүнэн аатырыаҥ суоҕа
- Төбөлөөх эрэ барыта өйдөөх буолбат
- Өйү харчыга атыылаһан ылбаккын
- Өй күүһү биэрэр, күүс эр санааны аныыр
- Күүскүнэн ылыма, өйгүнэн ыл
- Күүскэр эрэнимэ, өйгөр эрэн
- Көтөр кынатынан, киһи өйүнэн күүстээх
- Үөрэх – ыалдьыт, өй - хаһаайын
- Өйдөөх үтүөнү саныыр, акаары алдьархайы саныыр
- Өйдөөх өлөртөн өйүнэн куотар
Өй туһунан этиилэр
уларытӨйдөөхтөр уһуннук олороллор | |
— Наталья Бехтерева, нейрофизиолог |