Өлүү
Өлүү - өлүү-сүтүү, орто дойдуттан барыы, суох буолуу.
Өлүүгэ сыһыаннаах сомоҕо домохтор
уларыт- аан дойдуттан араҕыс
- анараа дойдуга айаннаа (аттан)
- анараа дойдуга бар
- атаҕын тэҥнээбит
- баһа быһынна
- баһа хатта
- буору уоп
- дууһатын таҥараҕа биэрдэ
- ииҥҥэ киирбит
- ийэҕэр-аҕаҕар бар
- кириэһэ килбэйдэ
- чардаата сырдаата (сандаарда)
- куһаҕан буолла
- күн сириттэн сүттэ
- күн сырдыгыттан (сириттэн) матта
- кыламын сапта (симтэ)
- ол дойдуга аттан (ол дойдуну бул)
- Өлбүт киһиттэн утурук эрэйбиккэ дылы
- Өлөр киһини ыт тэбэригэр дылы
- Өлүү айаҕын нэтээгинэн бүөлээбиккэ дылы
- сайылыккар таҕыс
- суола сойбут (тоҥмут)
- суох буолла
- тыына быһынна
- тыына тымныйда
- умса түс
- уһуктубат уһун (олохтоох) уутун (уутугар) утуйда
- үрүҥ күнтэн матта
- халдьаайыга таҕыста
- хоруоба хончойдо
- чардаата сырдаата
- чардаатын сандаарт - уҥуоҕун тут
Уус-уран айымньылартан өлүүгэ сыһыаннаах быһа тардыылар
уларытӨлүү күлүгэ имил дьимил көстөр майгыламмыта, оол да гыннар бу мийигин куттаабатаҕа. Мийигин тэҥник куттаабатаҕа бу дойдуга эрэйгэ хаалар кэргэн: кини миэхэ суоҕа. Мин аһыммытым соҕотох туһата суох бэйэм да, киһилэрим да, эрэйбитин бачча сир уһугар тийэн төннөр кэмим учугаһаабытын гэннэ тутаах сирбэр туох да туһалааҕы көрбүппүн истибиппин этимнэ эрэн өлөрбүн. | |
— Убаарыскай, "Ахтыылар", 1856. С.42, Дь, 2003 |
Өлүүнү ханнык баҕарар киһи, ордук эдэр өттө, бэйэтигэр сыһыарбакка, өрүү тэйиччи тутан, атын дьоҥҥо эрэ ааҥныыр алдьархай курдук өйдүүр идэлээх. Ол курдук мин эмиэ өлүү суоһар тыына сир үрдүгэр кэлиэххиттэн субу чугас, кэтэххэр үрэ сылдьар улуу дьаалы эбитин саҥа куойабар-маҥкыбар оҕустаран өйдөөтөҕүм. Тахсыылаах хаарты курдук табыллыбыт да олох, өлөр өлүү дэгиэ тыҥыраҕынан ыйда да, ыһыллан хаалар кутталлааҕын билбитим. Өлүү улуу тапталы да, улуу аатталы да аахсыбакка, кими баҕарар эн таскыттан туура харбаан барар кыахтааҕыттан саллыбытым. Эһэтэ, эбэтэ, атын кырдьаҕаһа суох ыал этибит, ол иһин урукку өттүгэр өлөр өлүүлүүн утары көрсүбэккэ сылдьыбыт буоламмын дуу, ол курдук өйүм-санаам улаханнык айгырыар, уйулҕам хамсыар диэри аймаммытым. | |
— Сайа. Уйгур. Дьокуускай, Айар: 2021. С.37 |
Өлбүт киһи буор түгэҕэр сытарын курдук, | |
— Алампа, "Төрөөбүт дойду", 1912 |
Өлбөт үөстээҕим миэнэ чуолкай, | |
— Сэмэн Уруукап, "Тыыннаах киһи тыыппалаах" хомуурунньук, 2007, "Эмиэ эмээхсиммэр", 1987 с. |
Күн-дьыл мин дууһабар | |
— Бүлүүйүскэй |