Галина Нельбисова - суруналыыс, суруйааччы.

Галина Нельбисова айымньыларыттан сытааталар

уларыт
  • Күн аайы уһуктаат, саҥа күн үүммүтүгэр махтан уонна чугас дьоҥҥор алгыс тылгын анаа.
  • Эн Айыы киhитэҕин, үтүөнэн олор, кэрэни кэрэhилээ. Ус куккун ыhыма, сүргүн сүтэримэ.
  • Уэрууну эн бэйэн оноро5ун, ону ойдоо.
  • Киhи оло5ун бэйэтэ оностор. Оло5у хайдах ылына5ын, оннук олоро5ун. Ыксаабакка, ойгун-тойгун сааhыланан, ис туруккун корунэн бэйэ5ин кытта улэлэhиэхтээххин. Маны барытын сыыйа-баайа оноробут. Ыксал диэн суох буолохтаах.
  • Киhи икки оруттээх. Учугэй уонна куhа5ан, урун уонна хара. Хайата да элбиэ, а5ыйыа суохтаах. Оччо5о биир турук (гармония) баар буолар. Киhи ити икки кууhу тэнинэн тутта5ына этин-сиинин эчэппэт, ис туругун ыспат. Куруук толору сылдьар.
  • Киhи сылайар. Этэ-сиинэ, ойо-санаата эмиэ. Куускун сатаан туhамматаххына эмиэ сылайа5ын. Ол аата киhи кууhун туhанарыгар куннээ5и нуорма диэн баар эбит. Онтубутун хайдах туhанарга эмиэ уэрэниэхтээх эбиппит.
  • Куускун сыыhа туттаргын хонтуруолланан конноруохтээххин, оннун булларыахтааххын. Ойун-санаан эккин-сииннин кытта тэн куустээх буолалларын туьугар, колоhунун таhаарар хамсаныылары, улэни-хамнаhы оноро сылдьыахтааххын.
  • Эппит-сиимми тоhoнон эчэйэр да, соччонон эмэхсийэн барар эбит. Киhи дууhаата кырдьыбат, этэ-сиинэ тоннор.
  • Эр киhи таптала ийэтиттэн ийэ сиргэ бэриллэр.
  • Ийэ таптала сылаас буолла5ына, дьиэ кэргэнэ доруобай буолар.
  • Дьиэ иhэ о5о кулуутунэн-уэруутунэн туолла5ына, сырдык, ыраас буолар.
  • Аҕа амарах, сиэрдээх буоллаҕына, кини дьиэ кэргэнэ бигэ туруктаах буолар.
  • Оҕо дьиэ кэргэни ситимниир.
  • Саха дьахтара уһун-киэҥ санаалаах, алаһа дьиэтин арчылыыр ыраас тыыннаах.
  • Ырааһы, сырдыгы ыралаһааын, олох үтүө, үчүгэй өттүн таба көрүү кыайыылаах буоларыгар эрэнэрбит тухары барыта үчүгэй буолуо.