Дьикти саас (Далан)
Дьикти саас - саха норуодунай суруйааччыта Далан суруйбут арамаана.
Далан "Дьикти саас" персонажтара
уларытХалдеев Ваня
уларытМаахыска көмө улахан бастаах, улахан харахтаах, иинэҕэс уолчаан Халдеев Ваня ыҥырылынна.
Маахыс
уларытМаахыс (дьиҥнээҕэ Мохначевскай Коля, биһиги кылгатан уонна кыратык уларытан инньэ диэн ааттыыбыт) — кылаас саамай күүстээх уола. Күүстээх буолан эбитэ дуу, бытааннык өйдүүр. Саҥарарынааҕар түргэнник илиитэ барар. Биһигини кыһыйдаҕына, мөккүспэккэ ыбылы тутар. Маахыс бытааннык да өйдөөтөр, киитэрэй. Ханнык баҕарар уруокка ылбат-биэрбэт икки ардынан эппиэттиир үгэстээх: эмиэ да билбэт, эмиэ да билэр. Учуутал муҥнанан-муҥнанан баран тулуйбакка “үһү” туруорар уонна олордон кэбиһэр. Маахыска ол эрэ наада. Билигин туораттан көрдөххө, Маахыс ыйыта, Людмила Сергеевна эппиэттии турарыгар майгынныыр. Учуутала ордук илистэр быһыылаах. Маахыс эппиэттиир кэмигэр кылаас талбытынан дьарыктанар: ким уруһуйдуур, ким суруйар, ким кэпсэтэр.
Людмила Сергеевна
уларытЛюдмила Сергеевна нуучча икки саха икки ардынан хааннааҕа, сахалыы олуттаҕастык саҥарара. Муус маҥан сирэйин ыас хара баттах хаймыылаан өссө маҥхатара. Кип-киэҥ, харалаабыт моонньоҕон курдук хараҕар киһи бу диэн сатаан эппэт туох эрэ тюрдуу баара. Кырыылаах көнө мунна, тэтэркэй чараас уоһа, күөкэйбит уһун моонньо, таҥаһа-саба — барыта “Мода” эбэтэр “Экран” сурунаалларга элбэхтик бэчээттэнэр дьахталлар мэтириэттэрин санатара. Тиэтэйэн буолбакка, бэйэтэ түргэн саҥалааҕа, нарын имигэс хамсаныылааҕа. Олус эдэр, олус үчүгэй этэ.
Гассан (Кеша)
уларытГассан диэн мин хос аатым. Дьиҥнээх аатым Кеша диэн. Өһүргэммэппин, ол иһин Кеша дииллэринээҕэр үгүстүк Гассан диэн ыҥыраллар. Ол аата хайа олохтоохторун курдук куттаҕаһа, толлугаһа суох, хорсун, баттабылы-атаҕастабылы тулуйбат, кырдьык иһин охсуһааччы диэн. Хос аат иҥнэҕэ ол.
Мордосов Ленька, Ваня Халдеев, Люся, Лана, Улахан Света, Лена, Саша Мандаарап
уларытМин урукку сылларынан охсон, кылааһым оҕолоругар кыыһырабын, ол гынан баран оҕолоргуттан начааскыга да туорууруҥ үчүгэйэ суох. Кыра эрдэхпиттэн бииргэ үөрэммит кылааһым оҕолоро. Үөрэннэхпит аан бастакы переменатыгар ытыы-ытыы охсуһан сотуспут Мордьой, улааппытын кэннэ Морда, Мордосов Ленька. Сэрэхтээх, куттамсах, “куобах харах” Ваня Халдеев. Биһиги оскуолабытыгар маҥнай кэллэҕин утаата кини абырахтаах ыстаанын сиэбин толору биинтэлээх, гаайкалаах буолара, онтуката аллара баттаан ыстаана такымар олорор этэ. Кылгас баттахтаах, уһун атахтаах, куруутун иэс баайсан сүүрэр-көтөр Люся. Үөрэниэхтэриттэн арахсыспат үс дьүөгэлии Лана, Улахан Света, Лена. Маҥнайгы кылаастан бииргэ үөрэнэр, сайын аайы окко бииргэ үлэлиир мин саамай истиҥ доҕорум үөрүнньэҥ, уолҕамдьы Саша, Саша Мандаарап.
Бастакы комсомол туһунан
уларытҮөһэ улахан хара буукубаларынан “Биһиги маҥнайгы комсомолецтарбыт” диэн суруллубут. Анныгар портреттар. Хаартыскаттан олус үчүгэйдик улаатыннаран уруһуйдаабыттар. Суруга үчүгэйин, адьас бэчээтинэй. Нэһилиэккэ комсомольскай тэрилтэ 1920 сыллаахха үөскээбит эбит. Гражданскай сэрии саҕана. Маҥнайгы комсомолецтар сэттиэлэр. Аҕыйах да эбиттэр. Билигин биһиги оскуолабытыгар 50 комсомолец баар. Сэттэ маҥнайгы комсомолецтар. Кинилэр бу Далан-Яковлев В.С. "Дьикти саас". http://vk.com/sakhabooks 9 олороллор... Саҥа көрөн эрэрдии мин хас биирдиилэрин олус сыныйан көрөбүн. Кинилэр бу олороллор саҥа олоҕу, бу биһиги олорор олохпутун эттэринэн-хааннарынан туруулаһан түстээбит дьон! Түөртэрэ сэрии уотугар охтубут, гражданскай уонна Аҕа дойду сэриитин хонууларыгар... Маҥнайгы комсомолецтар! Кинилэр иннилэригэр мин уһуннук турабын.
Попов (Колхоз председателя)
уларытОттон бэтэрээҥи кыыкынас, колхоз председателин Попов саҥата. Кинини дьон истибэтигэр “Тойон Боппуок” диэн хос ааттыыллар да, киниэхэ ханнык да тойон көрүҥэ суох. Попов — хатыҥырын, кыратын ордугар токур киһи.
Дым-Дым завуч (Дмитрий Дмитриевич)
уларытИһиллэр- иһиллибэт, дьахтар саҥатыныы синньигэс куолас биһиги быһаччы Дым-Дым диэн ааттыыр завучпут Дмитрий Дмитриевич киэнэ.
Анна Ивановна
уларытАнна Ивановна кырдьа барбыт, чарчастыбыт борон сирэйдээх, куурбут-хаппыт дьахтар. Кини барыта — сирэйэ-хараҕа, туттунуута- хаптыныыта.
Людмила Сергеевна
уларытЛюдмила Сергеевнаҕа утары, киһи болҕомтотун тарпат, күннээҕи олох курдук салгымтыалаах этэ. Кини мөссүөнэ миэхэ өлөрдүү салгыппыт тригонометрия функцияларын эбэтэр Брадис таблицаларын санатара. Бэйэтэ да математиканы үөрэтэрэ. Кини кэргэнэ суоҕа, оҕото суоҕа. Людмила Сергеевна, кырдьаҕас зоотехник, комсомол райкомун секретара кыра, хаппыт кыыс, директор
Ваня Халдеев аҕата
уларытВаня аҕата тракторист буолан, ким-хайа иннинэ улахантан улахан саҥа дьиэни туттубута да, дьиэтэ өтөрүнэн ситэр-хотор көрүҥэ көстүбэт.
Михаил Попов
уларытМиша Попов сэрии маҥнайгы күннэрин Белоруссияҕа көрсүбүт. Чугуйуу хомолтолоох кэмигэр Москва анныгар ыар кыргыһыыларга кыттыбыт. 1942 сыллаахха Сталинградка тиийбит. Хас да бойобуой орденнаах разведка взводун командира старшай лейтенант Попов табаарыстарыныын — нуучча Киселевтуун, татаар Мамедовтыын бойобуой сорудаҕы толоро барбыттар. Үлтүрүйбүт таас дьиэ дьөлөҕөһүнэн тыаһа суох ньимис гыммыттар. Ахсынньытааҕы буурҕалаах хараҥа түүн кинилэри мэлдьэһэн кэбиспит. Туох буолбутун ким да билбэт... Мин өссө билэбин эмээхсиҥҥэ итинтэн атын фронтан кэлбит хаартыска эмиэ баар. Онно сиэрэй синиэллээх, сулустаах сиэрэй бэргэһэлээх, санныгар хаптаҕай немецкэй автоматы иилэ бырахпыт старшай лейтенант турара. Өһүөннээхтик өтөрү көрбүт, күлэри-үөрэри умнубут хараҕар, көтөхтөрбүт уонна эрдийбит мөссүөнүгэр урукку көрдөөх-нардаах Миша Поповтан туох да хаалбатаҕын курдук этэ. Эмээхсин ол хаартысканы ыйаабатах. Кини билэр эйэҕэс, куруутун күлэ-үөрэ сылдьар Мишатыгар маарыннаабатыттан атыҥыраатаҕа буолуо. Биһиги пионерскай этэрээппит лейтенант Попов аатын сүгэрэ.
Дмитрий Федорович
уларытСаша аҕата, Дмитрий Федорович, сахалыы ырыаһыт, ыһыахтарга сороҕор олоҥхолооччу. Кини сахалыы кинигэни таптаан ааҕар, мунньар. Кинигэ таҕыстар эрэ, көтүппэккэ атыылаһан иһэр. Соҕурууттан аҕалбыт, улахан кинигэ ыскаабар ыга симэн туруорар. Урут, балаҕаҥҥа олордохторуна, табаар дьааһыгар хаалыыра. Саша биһикки барытын аахпыппыт быданнаата. Кыра сылдьан “Төлкөнөн” үлүһүйэрбит, кинини саамай бастыҥ кинигэнэн ааҕарбыт. Ол эрээри, бииртэн биир кэрэхсэбиллээх көстүү кэлэр: эриллэ-бурулла барбыт уһун синньигэс үрүйэттэн киэҥ алааска көтөн түһэрдии, “Төлкө” кэнниттэн “Сааскы кэм” урукку олох киэҥ хартыынатын биһиэхэ арыйан нэлэс гыннарбыта. “Саха урукку олоҕун энциклопедията, — диэбитэ саха тылын учуутала Алексей Михайлович Амма Аччыгыйын барарбытыгар. — Киниэхэ тиийэр айымньы саха литературатыгар айылла илик”. Буолуо даҕаны. Киһи сүрэҕин көрбүтүнэн киирэр миэстэлэр “Сааскы кэмҥэ” үгүстэр. “Аҕа диэн эмиэ биир, ийэ курдук, тапталлаах киһи баар буолар эбит... Салгыннаабыт хара сирэйдээх, дэхси бөдөҥ тиистээх, мичээрдээбит киэн харахтаах, дадайбыт улахан киһи, — ийэ эйэҕэстик: “Доҕоор, Дьөгүөрдээн!” диэн ыҥырар киһитэ, — олус да күндү киһи буолар эбит!...” Итинник истиҥ, биһиэхэ чугас тыллар “Төлкөҕө” суохтар ээ... Биһиги “Сааскы кэми” тохсуска, “Төлкөнү” онуска барабыт. Мин санаабар, ону уларытыахха сөп этэ. “Төлкөнү” тохсуска, “Сааскы кэми” арыый өйдөммүппүт, улааппыппыт кэннэ, онуска.
Саха оҕонньорун уобараһа (цитаты)
уларытХаар маҥан бытыктаах, энньэгэр сыҥаахтаах кыра хатыҥыр оҕонньор балаҕан таһыгар мас устуруустуу турара. [c. 52]. Эһэ бөҕөнү өлөрбүт оҕонньор. Үгүстүк арҕахтан өлөрөрө үһү. Арҕахтаах эһэ. Мин арҕахтаах эһэҕэ киирэртэн куттаныам этэ дуо? [c. 56]. Биирдэ күһүн (эһэ тииһэ ытыстыан иннинэ) куобахха туһахтыы сылдьан оҕонньор эһэ арҕаҕар түбэспит. Чохороонноох эрэ үһү. Бэрикини баран, оҕонньор саа таһаарыан сүрэҕэл- дьээбит, сүгэнэн бултаһарга санаммыт. Сүгэтинэн модьу бүө быһан киллэрэн, эһэ арҕаҕын бүөлээн кэбиспит. Эһэтэ уһуктан арҕаҕын иһигэр буллугунайа түспүт, онтон тахсаары тыынар чуолханнарын сиритэ тыытан барбыт. Оҕонньор кэтэһэн туран эһэ биир баппаҕайа быгарын кытары сытыы чохороонунан дук гынар, иккис баппаҕайа быгарын кытары эмиэ дуксуйар. Эһэтэ сытыы тыҥырахтардаах баппаҕайдарыттан мэлийимээри иһирдьэ тимис гынар. Оннук эһэни оҕонньор киһилиэ дуо — төбөтө бу мэлэс гынарын кытта сүгэнэн сүүскэ биэрбит. Бүттэҕэ ол. [c. 56]. Оҕонньор сэрии сылларыгар соҕотоҕун үрэх баһыгар тахсара эбитэ үһү. Соҕотоҕун кыһыны быһа үүчээнҥэ хонор. Соҕотоҕун, уонунан көстөөх сиргэ соҕотоҕун. [c. 56]. Кырдьаҕас дьон сороҕор кистэлэҥи эмиэ искэ тутааччылар. [c. 72].
Сэттэ бөссүөк бэйэтэ
Сэттэ былас бытыктаах
Сээркээн Сэһэн оҕонньор
Ситэрэн сэһэргээбэтэҕэ,
Сэрэйбэтэҕэ, билбэтэҕэ
Сир үрдүгэр суох дэһэллэр. [c. 72].
Олоҥхолоон оҕонньор барахсан
Оллоонноон олорон эрэ
Олоҥхо номоҕо оҥостон,
Аан-ийэ дойду айыллыбытын,
Алаҕаркаан-тэтэгэркээн
Алтан араҕас далбардаммытын!
Дьэрэкээн ойуу курдук
Дьэргэлдьитэн түстэҕинэ,
Эриэккэстик этэн-тыынан
Эгилдьитэн киирдэҕинэ —
Унаар-мунаар көрбүт
Ураанхай саха барахсан
Нохтолоох тойон сүрэҕэ долгуйан
“Ноо” диирэ эбитэ үһү... [c. 82].
Оннооҕор, хоту ойдом турар хотон, таһыттан көрдөххө, хотоҥҥо маарыннаабат, эмиэ ньэмиэскэй муннуктаах ампаар дьиэ. Олбуор иһигэр эн сыыһы көрүөҥ суоҕа. Уус оҕонньор итигэстии, ону-маны тутан-хабан көрө сылдьааччы. [c. 102].
Уус — кыра, бытаан, биһээл оҕонньор. Төһө да кыратын иһин кыайыылаах, төһө да бытаанын иһин бүтэриилээх. Ол кини үлэни тутан баран ыһыктыбатыттан. Ыксаабатар да кини оҥорбута, бүтэрбитэ баар буолар. [ 102].