Егоров Гаврил Васильевич

Егоров Гаврил Васильевич, норуокка биллибит аата Бартыһаан Дьөгүөрэп (1879—1942) — гражданскай сэрии кыттыылааҕа.

  •  

Билигин ити мин туттарбыт оскуолабар 750 кэриҥэ оҕо үөрэнэр. Кинилэри тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр үөрэтии үлэһит резервэтин үөскэтэр. Бу билигин Аҕа дойдуну көмһскүүр сэриилэһии бириэмэтигэр олус наадалаах. Өскөтүн ити оҕолору таба тэрийэн үөрэтэр буоллар, 340-400 улахан дьону солбуйар кыахтаахтар.

  Кыым, 24.01.1942

Кини туһунан

уларыт
  •  

1925 сыллаах күһүн, Якутскайга маҥнайгы самолет кэлбит үөрүүлээх миитинигэр, гражданскай сэрии геройа Гаврил Васильевич Егоровы аан маҥнай көрбүтүм. Ол бириһиэн бүрүөһүннээх, билигин санаатахха, сүрдээх кыракый самолетунан кини Даркылаахтан куорат аннынааҕы Күөх хонууга кэлэн түспүтэ.
Самолет иһиттэн байыаннай синиэллээх, буденновка бэргэһэлээх курбачыйан тахсан, чиэс биэрбитинэн, мустубут ноурот ортотугар мэлис гына түһээт, Аммосовтаах Ойуунускайы кытта аҕыйах киһи турар трибунатыгар соҕотохто өрө күөрэйэн тахсыбыта. Куоракка саҥа киирэ сылдьар ыраах тыа уола көрөрбөр ол барыта олус да арылхай этэ!..

  Амма Аччыгыйа