Имэҥ - курдаттыы тартарар күүстээх баҕа, дьулуһуу.

  • Имэҥ-дьалыҥ
  •  

Сааскы күнүм тахсыыта,
Саҥа олох сырдыыта
Илбис тыллаах этиэҕэ,
Имэҥ дьайдаах кэлиэҕэ...

  Кэтэһии (Ойуунускай)
  •  

Имэҥнээх тэллэхтээх,
Дьалыҥнаах суорҕаннаах
Дэлбэй Иэйиэхсит Хотун!

  — Ыһыах алгыһа. Саха сиэрин-туомун айымньылара. Новосибирскай, Наука, 2003, С.356
  •  

...Ол кэлин өттүттэн
Тас өттүлэригэр
Баччыр оҕо саҕа
Дьалыҥ айыыны
Дьайыҥныы дьалбыйдылар,
Ойоҕос өттүлэригэр
Олорор оҕо саҕа
Ходьоҥ айыыны
Холбуу туойдулар,
Ис өттүлэригэр
Иккилээх оҕо саҕа
Имэҥ айыыны
Иҥэрэ эҕэрдэлээтилэр...
Дьалыҥ айыы баҕадьы
Татакайынан таарыйда,
Ходьоҥ айыы обургу
Ходьороҥунан холбосто,
Имэҥ айыы бэйэлээх
Илэ-бодо
Эттэрин сааһынан
Иҥэн киирэн,
Ирбэнньик илиилэнэн,
Эт сүрэхтэрин
Ибигирэтэ оонньоото...

  Өксөкүлээх Өлөксөй,Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт. Ырыа-хоһоон. Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ издательствота:1978, С.155