Кумалаан
Кумалаан I -үүнэн турар мас көҥдөйө.
Уус-уран айымньыга
уларыт- (Дархан ойуун) - ... Мантан чыҥха хоту, барбатах балык миинин курдук барык-сарык дойдуга Дьокуо диэн чымаан ааттаах хайа, сылгыны баттаан эрэр сырҕан эһэ курдук, адьырыйан турар. Ол хайа үллэр саалыттан тоҕус томороон салаалаах, баҕа көхсүн курдук баллырыттаҕас хатырыктаах, Ытык мас диэн ааттаах тэҥкэ харыйа барыара үүнэр. Тоҕус лабаатын төрдүн аайы тоҕус кумалаан харааран, чөҥөрүһэн көстөллөр. Ол кумалааннарга ойууттар салгын куттара кэҕэ оҕото буоланнар эрэйдэнэн-муҥнанан иитиллэллэр. Үөһээҥҥи үс кумалаан хаппыт сэбирдэх, үс алларааҥҥылар сытыган муох дэпсэлээхтэр. Үөһээҥҥи үс кумалааҥҥа улуу ойууттар, ортоку үскэ - орто ойууттар, алларааҥҥыларга кыра ойууттар куттара иитиллэр. Илин диэки айахтаах кумалааҥҥа иитиллибит ойуун бар дьонугар үтүөнү эрэ оҥорор айылгыланар, арҕаанан айахтаах кумалааҥҥа уйаламмыт күтүр сиэмэх ойуун буолар, хоту диэки кумалааҥҥа хорҕойон үөскээбит ойуун абырыыр да, алдьатар да адьынаттанар, соҕурууҥҥу кумалааҥҥа бүөбэйдэммит ойуун хомуһуну иҥэринэр, араас кыылга, көтөргө кубулуйар кыахтанар...
Иван Гоголев. Хара кыталык