Эрэйгэ, муҥҥа, сорго сыһыаннаах сомоҕо домохтор

уларыт
  • Эрэй-буруй

Эрэйгэ-муҥҥа сыһыаннаах өс хоһоонноро

уларыт
  • Дьоло суохха сото таһа түбэһиэ диэбиккэ дылы.
  • Сордоохторго сото таһа түбэһэр, эрэйдээхтэргэ эт таһа түбэһэр.
  • Сордооххо сото уҥуоҕа баҕалаах.
  • Муҥнаах муҥнааҕы муҥа суох саныыр.
  • Буруолаах буруолааҕы муҥа суох саныыр.
  • Муҥ маһы кэрийбэт, киһини кэрийэр.
  • Эрэйдээхтэн эрэй арахпат, муҥнаахтан муҥ арахпат.
  • Эрэйдээҕи эрэй ситэр, муҥнааҕы муҥ ситэр.
  • Эрэйи эҥэриттэн, сору сонуттан тутуспут.
  • Сорт оттооҕор элбэх, муҥ сыыстааҕар элбэх.
  • Сордоммут-муҥнаммыт киһиэхэ үрүҥ да күн өлбөөдүйэн көстөр.
  • Эрэйдээх этигэс, буруйдаах булугас.
  • Эрэйдээх-буруйдаах киһи санаата дириҥ, киэҥ буолааччы.
  • Муҥнаах муҥатыйарын таптыыр, эрэйдээх иһиллэтэрин таптыыр.
  • Эрэйдээҕи таҥара аһынан.
  • Муҥнаахтар мустан муоралаабыттарыгар дылы.
  • Муҥнаахтар мустан "муоралыах" диэьиттэригэр дылы.
  • Сатыыны биэс эрэй тоһуйар, аттаахтан биир эрэй куотар.
  • Эрэйдээх эмэх маһы эргитэр.

Эрэй туһунан этиилэр уус-уран айымньыга

уларыт