Кэтэх
Кэтэх - төбө кэлин өттө, көспүт суолталара элбэх, эгэлгэ.
- Иттэнэ түстэххэ кэтэхтэн өйүө, умса түстэххэ сүүстэн өйүө - эрэллээх киһи (үксүн чугас доҕор, төрөппүт оҕо) туһунан
- Кэлэри кэтэҕиттэн туппут, барары баһыттан туппут - тугу барытын бопсо-хаайса сылдьар киһини этэллэр.
- Кэтэҕинэн оонньуур - туохха да кыһаллыбат
- Кэтэҕинэн тиэйэр - тугу да ылыммат, батынар
- Кэтэҕиттэн ыл - кимиэхэ эмэ сорунуулаах, кытаанах ирдэбили туруор
- Кэтэҕэ тулунна - кэтэх, хос санаатын быраҕан көнө, үтүө суолга туруу
- Кэтэҕэ тыаһаата - охсулунна, кимтэн эрэ тоһун ылла
- Кэтэҕэ чонойбут - киһиргээбит, улахамсыйбыт
- Кэтэх аанынан - кистии-саба
- Кэтэх тардыстан (олорор, сытар) - икки илиитин тарбаҕын хатыйан тиэрэ түһэн олоруу/сытыы. Үксүн холкутук, ону-маны эргитэ саныы-саныы сынньанар эр дьоҥҥо сыһыаннаах.