Ойуку-Харитонов Павел Николаевич - саха суруйааччыта, П.А.Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, бэйиэт, кириитик, кыраайы үөрэтээччи.

Айымньыларыттан

уларыт
  •  

Платон Ойуунускай поэтическай өрө күүрүүтэ, философията, лириката, ону ааһан сатирата, юмора, тылбаастарын араас көрүҥнэрэ кини талаана муҥура суох далааһыннааҕын көрдөрөллөр.

  — Саҥа тыынынан, Дьокуускай: 2016. с.24
  •  

Сэмэн Данилов поэт быһыытынан төрөөбүт норуотун кутун-сүрүн, өйүн-санаатын бэйэтин поэзиятыгар киллэрбит, этигэр-хааныгар иҥэриммит, чочуйан куппут киһи.

  — Саҥа тыынынан, Дьокуускай: 2016. с.30
  •  

Мин син элбэх киһи тыл этэрин, ол иһигэр ыпсаҕай да соҕустук кэпсээччилэри, сээркээн сэһэнньиттэри иһиттим, көрдүм буолуо да, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап курдук ылыннарыылаахтык, муударайдык, киһи сүрэҕин сүүйэрдии экчи этэр дьону бэрт ахсааннааҕы көрүстүм. Ол иһин норуот кинилэр айымньыларын биирдэ аахпытын, истибитин мээнэҕэ да уоһуттан түһэрбэт.

  — Саҥа тыынынан, Дьокуускай: 2016. с.42
  •  

Оо, сүрэх, кыратык даҕаны
Быысталы биэрбэккэ үлэлээ.
Биир утах хаалыаҕар дылытын
Быстары билбэккэ тэбиэлээ.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.16
  •  

Олоҥхо тылынан кэпсэтэн
Сүүс омуктуун сэлэстим.
Кинилэрдиин атах тэпсэн
Кылыһахтаан ылластым.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.19
  •  

Уҥа хайыс, хаҥас хайыс
Барылара биир Хаҥалас.
Уокка да киир, ууга да түс,
Халыҥ аймах Хаҥалас.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.25
  •  

Эдэр киһини баҕата
Куорсун анньан көтүтэр.
Кырдьаҕаһы абата
Кыһалҕатын элбэтэр.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.64
  •  

Сэбирдэхтэр лыахтыы көтөн
Сайылыгы симээтилэр.
Көҕүспүттүү сылаастык
Сылдьар суолбун тэлгээтилэр.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.67
  •  

Көмүс күһүн, көрдөһөбүн,
Көмүһүнэн да буоллун,
Кэлбит суолбун, хаалбыт суолбун,
Көстүбэттии көмүмэ.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.67
  •  

Умнуллубут ааттара
Күллэриттэн күөрэйдэ.
Ытыллыбыт ыралара
Ырыа буолан эргийдэ.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.74
  •  

Икки саха кэпсээнэ –
Икки атах кыһалҕата.
Инникитэ, иэдээнэ,
Өрүһүллэр баҕата.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.77
  •  

Үс саха дьылҕатын
Дьылҕа оҥостор,
Түөрт саха төлкөтүн
Төлкө оҥостор,
Сындыыстыы олорор
Саха дьонун
Айааччы Айыыһыттарбыт
Анаан тураннар
Алҕыыллар эбит.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.81
  •  

Эн, чахчы, олоҥхо ньургунаҕын,
Эмиэ да Туйаарыма куотаҕын,
Орто дойду посолаҕын,
Саха Далбар Хотунаҕын. (Наталья Харлампьева туһунан)

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.86
  •  

Биһиги Сэмэн Тумаппыт –
Уота-күөһэ олуһун.
Туймаадаҕа умаппыт
“Туундаратын оһоҕун”. (Сэмэн Тумат туһунан)

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.94
  •  

Улуус ахсын урууларын
Булан ылыа Уруукап.
Хата онон Тиитэбис
Хонор-өрүүр сирэ үгүс.
Баартааҕынан, кэбис,
Барыбытыттан бүгүс. (Семен Руфов туһунан)

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.95
  •  

Көҥүлгэ өрө көтүппүт
Айыллыбыт аҕа тылым.
Икки атаҕы тыыннаабыт
Иитиллибит ийэ тылым.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.91
  •  

Доҕотторуом, ийэҕитин харыстааҥ,
Үҥэр-сүктэр аанньалбытын.
Кини баарыгар дьиэбит сылаас,
Ыалдьыт-хоноһо мэлдьи элбэх.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.110
  •  

Көмүөл устар сүүрүгү батан,
Норуот көҥүлү батыһан.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.115
  •  

Ыраахтан ыраах – киһи баҕата,
Чугастан чугас – быстах санаата.

  — Соргу көтөҕүүтэ, Дьокуускай: Бичик, 2016, с.117