Орон - утуйар сир уопсай аата: сыҥаһа орон, кырабаат, тапчаан о.д.а.

Өс хоһоонугар, сомоҕо домоххо уларыт

  • Титирик орон эрэйдээх (сулумах киһиэхэ сыһыаннаан).
  • Кураанах орон хобдох.
  • Холостуой киһи оронуттан уордайар, тэллэҕиттэн тэбиэһирэр.
  • Орон эрэ оҥхойо, тэллэх эрэ тэһэҕэһэ.
  • Орон-тэллэх киһитэ буолла.
  • Орон ото буол.

Орон туһунан уус-уран айымньыга уларыт

  •  

Мачайар Баһылай ол-бу ороннору көрүтэлээтэ: бастыҥ ороҥҥо - бүтэй хара эһэ тириитин олбох уурбуттар, оттоку ороҥҥо - кырыарбалаах хара эһэ тириитин олбох уурбуттар, атах ороҥҥо - кугас эһэ тириитин уурбуттар.

  — Саха народнай тойуктара.Мачайар Баһылай. Якутскай, 1983, С.75
  •  

Ити кэннигэр, эмиэ биэс-алта хонукка орон ото буолан баран, эмиэ тайаҕынан туран, дьиэ иһигэр хаамар буоллум.

  — Багдарыын Сүлбэ