Саха сирэ

Хоһооннортон быһа тардыылар уларыт

  •  

Ол көҥүл дойдуттан —
Мин сахам сириттэн,
От, бурдук быйаҥнаах
Колхозтаах алаастан,
Туундара дьулуурдаах
Сонордьут дьонуттан
Мин манна эһиэхэ
Эҕэрдэ аҕаллым,
Сахалыы ырыабар
Уруйу, айхалы!

  Сэмэн Данилов "Эҕэрдэ ырыата", Захар Винокуров музыкатыгар киэҥник биллибит ырыа буолбута, 1955 с. Ыччат аан дойдутааҕы бэстибээлигэр А. Лыткина толорбута
  •  

Мин дойдум - Сахам сирэ диэммин
Киэн тутта дьоҥҥо кэпсиибин,
Yөрэ, долгуйа сэһэргиибин.

Ханна баарый маннык сырдык
Күн эйэҕэс сарыалын кутаата,
Хаһан, ханна билбитиэҥ
Бу маннык
         долгураҥҥа сөтүөлүүр
                           куйааһы?

Манна...
         таптал сатыы дьаарбайар
Ыраас чараҥ быыһынан,
Кинини ситээри, тыал миигинниин
Сыһыы устун сырсыалаһар...

  Кутурҕан Куо