Таптал туһунан бэргэн этиилэр, өс хоһоонноро, айымньылартан быһа тардыылар.

Тапталга сыһыаннаах өс хоһоонноро

уларыт
  • Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар.
  • Таптыыр дьон таҥаралара биир.
  • Таптал баай хоту, аат сурах хоту буолбат.
  • Сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи батыһар, таптаабыт тайахтааҕы батыһар.
  • Таптыыр сүрэх таайыгас (буолар).
  • Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат.
  • Сүрэҕэ сөбүлээбит сүгэһэрдээх умнаһыкка да сүктэр.
  • Таптал харахха баар.
  • Тарбаххынан талан, сүрэххинэн сөбүлээн, хараххынан хайҕаан ыл.

Тапталга сыһыаннаах сомоҕо домохтор

уларыт
  • Сүрэҕин сүүйтэрбит
  • Кутун туттарбыт
  • Киниттэн күнэ тахсар
  • Сүрэҕин чопчута
  • Мурун бүөтэ

Таптал туһунан бэргэн этиилэр

уларыт
  • Таптал диэн эр киһи биир дьахтарынан дуоһуйарга холонуута. ( Поль Жеральди. "Таптал")
  • Таптал диэн икки киһи бэйэмсэҕэ. (Жермене де Сталь суруллар)
  • Таптал диэн сиэркилэ, тапталлаахтар бэйэ-бэйэлэрин көрсөннөр, бүтэр уһуга суоҕу көрөллөр. (Лео Бускалья. "Таптал")
  • Таптал диэн кыайтарбат баҕалаах буолуу, кыайтарбат баҕа санаа. (Роберт Фрост Сидни Кокстуун кэпсэтиитэ)
  • Таптал өлбөт үйэ кэриэтэ. (Жермена де Сталь "Коринна")
  • Таптыыр - сор, таптаабат - өлүү. (Мария Эбнер-Эшенбах "Афоризмы")
  • Таптал диэн дьахтар ытыгар, сороҕор эрэ эр киһиэхэ, сыһыана. (Джордж Джин Нейтан " Хадаар хонуу туһунан биир түмүк")
  • Таптал диэн күлбэккэ эрэ дьарыктаныахха сөптөөх көрүдьүөс. (Генри Луис Менкен "Саҥа цитата тылдьыта" 1942)
  • Таптал буорту гынар; муҥура суох таптал муҥура суох буортулуур (ааптара биллибэт)
  • Таптал сүрэххитигэр тыыннааҕын тухары эһиги модун күүстээх,самныбат санаалаах буолуоххут,ханнык баҕарар ыарахаттары кыайыаххыт.(Софр.Данилов.)

Таптал сүрэххитигэр тыыннааҕын тухары эһиги модун күүстээх, самныбат санаалаах буолуоххут,ханнык баҕарар ыарахаттары кыайыаххыт(Семен Данилов).

  • Таптаһар дьоҥҥо таптал хаһан даҕаны бараммат.(Далан).
  • Таптал туһугар хорсуннук охсуһан өлөр үрдүк чиэс кимиэхэ баҕарар тиксибэт! (Иван Гоголев).
  • Кыыһы таҥара оҥостуу,киниэхэ үҥүү-сүктүү былыр-былыргыттан ордук үйэлээх, кини ордук күүстээх,кини ордук кэрэ!(Далан).

Таптал туһунан хоһооннортон быһа тардыылар

уларыт
  •  

Таптала суох олоруохпун
Мин сатаан санаабаппын,
Уота суох оһох буолуохпун
Букатын баҕарбаппын.
 

  — Таптал, Баал Хабырыыс, 1963.
  • Таптал - киһи дууһатын уостубат барҕа баайа,
  • Таптал - бу тыыннаах олохпут күнэ ыйа.
           *Таптал, Иннокентий Артаманов,1967.
  • Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булуо,
  • Оччоҕо эрэ эн үрдүк дьолунан туолуон.
          *Таптал, Иннокентий Артаманов,1967.
  •  

Аан бастаан таптаатым мин кыыһы,
Аан бастаан ырыанан саҥардым,
Аан бастаан мин мааны таҥаһы
Таҥныахпын олустук баҕардым.
 

  Сэмэн Данилов. Аан бастаан таптаатым. Талыллыбыт айымньылар. Хоһооннор, поэмалар. I том. Якутскай, 1984. С.169
  •  

Таптал диэн сүүс сэттэ сомуоктаах,
Сүрэх диэн кириэппэс уйалаах,
Ол бары аһыллар биир тыллаах,
Ол тылы дьоллоох уол булуохтаах! -
Дьыала онно буолуохтаах -
Ол биир тылы буларга!
Ол сүүс сэттэ
Сомуоктарддах
Сүрэх аанын
Арыйарга!
 

  Бүөтүр Тобуруокап.Дьыала онно буолбатах. Эрэдэһиннэр. Хоһооннор, ырыалар, поэмалар. Якутскай, 1987. С.180
  •  

Атын ким да билэ илигэ
Сүрэҕим бу курдук тэппитин,
Атын ким да истэ илигэ
"Эйигин таптаатым!" диэбиппин.
 

  Бүөтүр Тобуруокап. Эрэдэһиннэр. Хоһооннор, ырыалар, поэмалар. Якутскай, 1987. С.188
  •  

Үүннүлэр үөрүүлээх түгэннэр,
Үүннүлэр өрөгөй түгэннэр -
Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ!
 

  Бүөтүр Тобуруокап.Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ. Эрэдэһиннэр. Хоһооннор, ырыалар, поэмалар. Якутскай, 1987. С.198

Таптал туһунан уус-уран айымньылартан

уларыт
  • ... Ол курдук кини (Сэмэнчик), Маайаны бэркэ диэн сүрэҕинэн сөбүлээтэ, хараҕынан таптыы көрдө. Ол күнтэн ыла кини түүн аанньа утуйбат, өйүттэн-санаатыттан Маайа тахсыбат: туой кинини көрүөн, кини саҥатын истиэн баҕарар буолан хаалла.
    Н. Неустроев. Сэмэнчик
  • Уоллара Уйбааскы кырдьык таптыырын-сөбүлүүрүн билбит киһи, тоҕо да (кэргэн) тахсыбат буолуомуй?Тугуҥ да суох диэн сирэй-харах аньньыа дуо? Билэ-билэ ылан баран, таптыыр буоллаҕына, тоҕо сирэй-харах аньньыай? Ол эрээри, Уйбааскы таптыыра буоллар кэм эҥээттиэх этэ, кэм дьон көрбөтүнэн-билбэтинэн биирдэ-эмэтэ эйэлээхтик кэпсэтиэх, күлүөх-ооньньуох этэ...
    П.А. Ойуунускай. Сэһэннэр, кэпсээннэр. Дьокуускай, Бичик: 2003. Дьэбэрэттэн тахсыы. С.162
  •  

Мин санаабар, билигин даҕаны, холобур, сорох аҕыйах хонук, ый иһигэр таптаспыт аатыран, саахсалана сүүрэр кыыстаах уолу кибернетическэй массыына көмөтүнэн тэҥнээн көрөр, кэлэр кэмҥэ кинилэри туох күүтэрин бэйэлэригэр эр-биир көрдөртүүр буоллар, дьоло суох ыал, арахсыбыт кэргэнниилэр ахсааннара аҕыйыа этэ. Ол оннугар суох буолуо этилэр таптал уонна доҕордоһуу, киһи аймах кырдьары билбэт саамай алыптаах минньигэс кистэлэҥнэрэ, үрдүктэн үрдүк иэйиилэрэ.

  — Николай Габышев. Таптыыр харахпынан. Дьокуускай, Бичик: 2002. С.54
  •  

Таптыыргытыттан, доҕордооххутуттан үөрүҥ, бэлэм буолуҥ тапталга, доҕордоһууга, буллаххытына - кинилэри харыстааҥ.

  — Николай Габышев. Таптыыр харахпынан. Дьокуускай, Бичик: 2002. С.55
  •  

Данилтан билигин оннооҕор Сохсохо уонна Сөкү Күрүө алаастарыгар үүнэн турар от-мас, ити утары харыйа быыһыгар саһан олорор дьиэ, ити үүнэн турар титириктэр бары ордук, быдан "дьоллоохтор". Кинилэр бары күн аайы (күн аайы!) Данил бу күн сиригэр уол оҕо буолан төрөөн сүрэҕинэн сөбүлээн. хараҕынан хайҕаан таба тайаммыт соҕотох таптала, Мутукчата, чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн ынаҕын хомуйа кэлэн-баран, тиэргэнигэр, дьиэтигэр хааман-сиимэн, киирэр-тахсар күн киэргэлэ буолан сэгэлдьийэ сылдьарын көрөллөр, кини тыынар салгынынан тыыналлар, саҥатын истэллэр!

  — Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай, Бичик: 2004. С.32
  •  

...Үөһэ дойдуга таҥара биир киһини икки аҥыы арааран баран, сиргэ түһэрэр дииллэр эбит ээ. Ол аҥаардар үйэлэрин тухары бэйэ-бэйэлэрин көрдөһөллөр уонна дэҥҥэ көрсөллөр, булсаллар эбит. Оннук булсубут дьон таптал улуу дьолун буолбатаҕына, улуу сорун билэр ураты дьылҕаланаллар.
Мин билбитим курдук дьиҥнээх тапталы киһи барыта билбэт, билбэтэ да ордук. Сиргэ тапталы эрэ өрө туппакка, удьуору ууһатар уһун буруолаах нус-хас олохтоох ыаллар баар буолуохтаахтар, онтон омук, судаарыстыба тутуллар. Оттон таптал... бэйэтин эрэ үрдүк чыпчаалынан олох дьолун кээмэйдэтэр.

  Сайа. Уйгур. Дьокуускай, Айар: 2021. С.120
  • Оо, таптал, таптал! Эн долгуппатах сүрэхтэриҥ бааллар дуо? Кырдьаҕас оҕонньор да сүрэҕэ арыт ааспыт тапталын өйдөөн нүөлүйэн ылара буолуо... Эрэйдээх, кыһалҕалаах киһи маҥнайгы тапталын санаатаҕына сүрэҕэ дьэгдьийэн ылара буолуо...

Иван Гоголев.Манчаары. Дьокуускай, Бичик: 2000. С.290

  • ... Кырдьык, мин сүрэхпэр таптал аптаах төлөнө күөдүйбэтэҕэ эбитэ буоллар киһи кэбин сүтэриэм этэ. Миигин хаайыы хардаҥ от тэллэҕин курдук кирдээх иһэхтэринэн дэлби тэпсиэхтэр этэ... Ону баара улуу тапталым миэхэ күн айыым буолбута, амарах иэйиэхситим буолбута. Ол иһин мин кутум-сүрүм билигин да чэбдик, чэгиэн!

Иван Гоголев.Манчаары. Дьокуускай, Бичик: 2000. С.5

  • "... Ол күн мин сүрэҕим аан маҥнай чахчы уһуктан, дьолго таласпытынан барда быһыылаах этэ. Тоҕо эрэ олус үөрдүм, өрүкүйдүм, туохха эрэ дьулустум. Бэйэбиттэн ордук, ордук киэҥ өйдөөх, ыраас сүрэхтээх буолуохпун баҕардым..."

Дмитрий Сивцев.Мотуо. Төрөөбүт литература. 9 кылааска үөрэх кинигэтэ. Дьокуускай, Бичик: 2016. С.79