Ынах
Ынах - дьиэ сүөһүтэ.
Сомоҕо домох
уларыт- Ынаҕы ыҥыырдаабыкка дылы.
- Мин өлбүт ынаҕым үүттээх этэ диэбиккэ дылы.
- Ынах үүтэ - тылыгар.
- Алаатыка, үүттээх ынах өлбүтэ буоллаҕай...
Өс хоһооно
уларыт- Ынах эриэнэ таһыгар, киһи киэнэ - иһигэр.
- Ынаҕы иккитэ сүлүллүбэт.
- Ынах маҥыраабат, ыалдьыт сылдьыбат ыала.
- Тарбаабыт ынах курдук.
- Ынах үүтэ - айаҕар.
- Муоһа суох ынахтан тирбэҕэлэспиккэ дылы.
- Ынах көрүстэр эрэ харсарыгар дылы.
- Үүтэ суох ынах ыҥарымтаҕай.
- Ыт тииһиттэн ыт өлбөт, ынах муоһуттан ынах өлбөт.
- Ынах тыла уһун даа тугу даа гыммат.
- Ынах эрэ муостаах, сылгы эрэ туйахтаах, ыт эрэ тиистээх.
- Ынах маҕыраһан, сылгы кистэһэн, Киһи кэпсэтэн билсэр.
Саха ынаҕар сыһыаннаах этиилэр
уларытСаха сүөһүтүн ииттэн баран, хайдах барыс аахсыбат буолуоҥуй. Мин, холобур, сайыҥҥы өттүгэр - үүттэн, күһүнүн эт атыылаан дохуоттанабын. Холобур, ааспыт 2017 сыл түмүгүнэн, быһа холуйан, 1,5 сөлүйүөн солкуобай тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыылаатым. Итинтэн 900 тыһыынчата - эттэн уонна алта сүүсчэкэ тыһыынча үүттэн киирдэ. "Олохпут ыарахан, туохпут да табыллыбат" дии-дии, тугу да гыммакка төһө баҕарар олоруохха сөп. Ол эрээри хайдах оннук сатаныай?! Төһө да, бэл, Эбээн Бытантай курдук суола-ииһэ суох, оттуур-мастыыр чааһыгар ыарахан дойдуга сүөһү-сылгы ииттэн, үлэлии-хамсыы сырыттахпыт дии. Туох да халлаантан түспэт, барыта үлэттэн-сыраттан тахсар. | |
— Бочкарева Лена Дмитриевна, Кыым, 2018 с. кулун тутар 22 к., кэпсэттэ Татьяна Захарова |
- Былыргы сахаҕа ынах сүөһүттэн атын дьоллоох, эрэйэ-буруйа суох ас-үп, сынньалаҥ ичигэс баай суоҕа. Икки-биир ынахтаах киһи ынаҕын "тыыным" диэн ааттыыра. Онон ынах сүөһү сахаҕа бастыҥ баайа, иитимньитэ буолара урут.
Андросова-Ионова М.Н. Олоҥхолор. Ырыалар. Этнографическай бэлиэтээһинэр. Ыстатыйалар. Дьокуускай, 1993,С.270
Уус-уран айымньыларга ынахха сыһыаннаах
уларытХотон-хотон муҥунан | |
— Өксөкүлээх Өлөксөй, Оттоку олук алгыһа, 1912 с. |
"Кыдьыктаах, кырыктаах буолума, бу муоһунан кэйиик ынах буолума дуу, туйаҕыҥ, тэбиик, тэпсиик буолума", - дии-дии ынаҕын муоһун, туйаҕын аргыый аҕай сүгэнэн охсуталаата, ыҥырана-ыҥырана оҕотун салыы турар ынаҕы. | |
— Гаврилов К.О., Эрдэ ынах төрүүр кэмэ буолла / - Дьокуускай : Бичик, 1993, С. 21 |
Болкулуорга
уларыт Үөрбэ чаҕаан муостаах үөрэ | |
— Салама тойуга, Саха сиэрин-туомун айымньылара. Новосибирскай, Наука, 2003. С.112 |
- Түҥ-таҥ саллааттаах айҕаарыма куорат баар үһү (хотон иһигэр турар ынах сүөһү).