Сылгы - дьиэ кыыла. Миинэллэр, көлүнэллэр, үүтүн уонна бэйэтин аска тутталлар, тириитэ, сиэлэ, кутуруга таҥас буолар.

Болкуолуорга

уларыт
  •  

Тиис хамнатар
Дьэллик элэмэс,
Уос хамнатар
Уһун улаан,
Көҕүл хамнатар
Көндөрү көҕөччөр,
Кэтэх хамнатар
Кэптэли кэрэ,
Сиэл хамнатар
Адырыҥы араҥас,
Хаппар хамнатар
Хаамыылаах хара,
Сүһүөх хамнатар
Сүрдээхэй сүүрүк,
Туйах хамнатар
Туллук тураҕас,
Бас хамнатар
Маанылаах маҥан,
Таныы хамнатар
Талыы дьаҕыл,
Уҥуох хамнатар
Улуу дьолуо!

  Чабырҕах

Уус-уран айымньыларга

уларыт
  •  

Сыһыы-сыһыы муҥунан
Сыспай сиэллээх элбээтин,
Үрүйэ-үрэх ахсытын
Үрүҥ түүлээх үксээтин!

  Местников Егор Васильевич, Сылгы туһунан хоһоон

Эбии көр

уларыт