Сэрэйии, таайыы.

Олоҥхоттон уларыт

  •  

Хайа саҕаны
Халты көрөр
Харалҕан да буолларбын,
Сыыр саҕаны
Сыыһа көрөр
Сыысхаллаах харахтаах да буолларбы-ын.
Сүрэхпинэн-көхсүбүнэн
Сэп гына сэрэйдэхпинэ,
Дьар гына таайдахпына,
Босхо хара тыаны
Моойдоох баһынан куотар
Моҕул кугас аттаах
Модун Эр Соҕотох буолуо-уоҥ.

  Модун Эр соҕотох, олоҥхоһут В.О.Каратаев, "Наука", Новосибирскай, 1996, С. 230