Таман

  1. Сүөһү, кыыл ойоҕоһун чараас тас бүрүө этэ уонна ол иһинэн үөскүүр сыата.
  2. Үүнэн турар мас хатырыгын, туоһун уонна дьиҥнээх этин икки ардынааҕы субата.
  3. Дьахтар маҥан, сырдык-ыраас сирэйин, сандаархай этин-сиинин, тириитин ойуулаан этии (болкулуорга).
  4. Туох эмэ көстөр тас иэнэ, таһаата, ньуура.
  5. Таастар быыстарыгар, кураанах эниэ сиргэ, курааны кыһаллыбакка тулуйар кылгас силистээх үүнээйи.

Уус-уран айымньыга уларыт

  •  

Ынахтарын тас таманнарын сүлэн ылан, оҕолорго сэмсэ биэрдилэр. Оҕолор ол ылбыт таманнарын, атын даҕаны эт-сыа бытархайдарын: "Бу сэмсэбит", - дии-дии тус-туһунан ытыстарыгар баар чоҥхой оҕотугар мунньан истилэр...

  К.О. Гаврилов. Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр. Урут бобуллубут айымньылар. Дьокуускай, Бичик: 2019. С.97]]