Тулаайах оҕо - саха биллиилээх суруйааччыта Далан арамаана.

Бастакы олук уларыт

ХААННААХ ИЛКЭЭНИ уларыт

Монголлар улаханнык кыргыhан тумат диэн биис уустарын бэриннэрбиттэрэ. Туматтар иирсээннээх уонна куhаҕан санаалаах биис уустара буолалларын иhин, монголлар үгүстэрин кыдыйбыттара. (Рашид-ад-дин)

Саха төрдө буолбут Омоҕой Өлүөнэ өрүскэ кэлиэн инниттэн ыла тумат омук диэн бэрт элбэх ахсааннаах, кыргыhылаах (өлөрсүүлээх, охсуhуулаах) туспа омук дьон олорбуттара эбит. (Саха былыргы сэhэнэ)

Мастаах былыргыта тоҥус уонна тумат сирэ эбит. Тоҥус уонна тумат ѳстѳѳхтор, кыргыhаллар эбит. (Саха былыргы сэьэнэ)

Ортоку олук уларыт

БҮТЭЙ БҮЛҮҮ, СЫА БҮЛҮҮ уларыт

Орхон Болодой: "Бу үрэх диэкиттэн бэрт сылаас салгын билиннэ, онон кэнэҕэс бэрт баай-тот, киһи-сүөһү үөскүүр, бэрт дьоллоох олохсуйар үрэҕэ буолуо. Бэрт бүтэй дойду эбит, онон бу сир аата Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэн буоллун". (Саха былыргы сэьэнэ)

Арҕаа тыа, Бүлүү сахалара туой тумат омугу кытта былыр бэркэ кыргыспыттара үһү. (Сэһэн Боло)

Тиһэх олук уларыт

ТЫАЛ БУОЛБУТТАР уларыт

Туматтар сахалартан үтүрүйтэрэн кэнники Бүлүү өрүһүнэн Өлүөнэни таҥнары баран муора кытыытыгар киирэн олохсуйбуттара. (Саха былыргы сэһэнэ)

Кини өлбүтүн кэннэ "тыал буолбут" удьуора сыта да суох буола биһиги дойдуга эстибитэ. (Сэһэн Боло)