Түннүк
ТYННYК – аат. Тутуу, дьиэ эркинигэр (сороҕор үрдүгэр даҕаны) сырдык киирэр аһаҕаһа уонна онуоха сабыы буолар оҥоһук.
Кыараҕас муус түннүктэр онон-манан күдэн туманынан үрэ тураллар. Күндэ.
Уһуктан кэлбитэ – балаҕан кыракый түннүктэринэн күн уота чаҕылыччы тыкпыт. С.Никифоров.
Землянка түннүгэр сыылан тиийэн, икки кыранаат холбуу баайыллыбытын барахтым. Т.Сметанин.