Уот -

Сомоҕо домохтор

уларыт
  • Уот ааныттан - аан бастакыттан, саҕаланыытыттан
  • Уот айах - сытыы тыллаах киһи

Өс хоһоонноро

уларыт

Уус-уран айымньыга

уларыт
  •  

Аҕыс-сэттэ ыйы быһа бытархан тымныыны, сирилэс силлиэни кытта күрэстэһэр булчут, отчут-масчыт саха киһитигэр уот мэлдьитин эрэллээх доҕор, арахсыспат аргыс буолара... Кырдьыга да, уот суоҕа буоллар, саха киһитэ эрэйдээх бу чэҥ муус дойдуга хайаан иитэр сүөһүнү күрүөлүө, төрөтөр оҕону төлкөлүө, уостубат олоҕу ууһатыа этэй... Махтаммыт саха абыраллаах уот барахсаны сиэдэрэй оһуор-дьарҕаа тылларынан сиэллээн-кутуруктаан ойуулаан хоһоонугар холбуура, ырыатыгар ыпсарара. Кини алаһа дьиэни сылаас тыыннаабыт аал уоту, син биир сир-дойду кэриэтэ, анал иччилээх дии саныыра... Амарах быһыы, аһыныгас санаа түмүллэрэ бу көмүлүөк оһоххо күһүгүрэччи күлэр, кулуһун төлөнүгэр кууһугуруу оонньуур Хатан Тэмиэрийэҕэ. Быһата, сахаҕа уот - өлбөт тыын, уот - уостубат олох, уот - истиҥ доҕор.

  Софрон Данилов, Олох тыгыалас тымыра. Талыллыбыт сэһэннэр//Уот. Дьокуускай, Бичик: 1994, С.387