Хара Лааҥкы - Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх саха бэйиэтэ, Бүөтүр Тобуруокап үөрэнээччитэ.

  •  

Соҕотох сырдыгы ый кууһан
Тыаһа суохтук сыбдыйда.

  — "Сүгүрүйүөм үйэм тухары"хомуурунньук. 2015
  •  

Кынат тыаһын тутаары
Тымныы түүнү бараатым

  — "Сүгүрүйүөм үйэм тухары" хомуурунньук//Сааскы түүҥҥэ сэгэрдэриэм... 2015
  •  

Ийэкэм алаадьытыныы
Саһара буһан күһүн кэллэ.

  — "Сүгүрүйүөм үйэм тухары" хомуурунньук. 2015
  •  

Эмис собо долгуннар
Кыдьымаҕы кырбыыллар.

  — "Сүгүрүйүөм үйэм тухары" хомуурунньук// Кыһын кэлиитэ. 2015
  •  

Саҕахха кыһыл күнүм
Кылыйа охсон ааста,
Санааҕа ситэр түүлүм
Кыламанын санатта.

  — "Сүгүрүйүөм үйэм тухары" хомуурунньук. 23 с. 2015
  •  

Үөһэ - халлаан
Аллара - халлаан
Бүлүү эбэ мууһун ааллаан,
Күрүлүү устар тыаһаан-ууһаан.

  — "Сүгүрүйүөм үйэм тухары" хомуурунньук. 2015
  •  

Кырдьар сааска кынатым,
Кыанан сиэлэр кыым атым -
Сиэним, сиэним барахсан -
Сиэтэн сүүрэр күнү сырсан.

  — "Сүрэҕим симик суһума" хомуурунньук // Сиэним, сиэним барахсан! 2012
  •  

Көссүү курдук көстө түһээт...

  — "Сүрэҕим симик суһума" хомуурунньук // Син биир төннүөҥ. 2012
  •  

Хойуу оттоох ходуһаҕа
Холум, буутум аһыллар,
Хонуктаабыт хойох санаам
Ханна эрэ ыһыллар

  — "Сүрэҕим симик суһума" хомуурунньук // Кытаат, кытаат, хотуурум. 2012
  •  

Тыал тоҕо ытыйар?
Тыал тоҕо ыттыйар?
Тойон дьону буккуйар?
Туохха, туохха уккуйар?

  — "Сүрэҕим симик суһума" хомуурунньук // Тыал хантан тыалырар. 2012
  • Тобуруокап хатыыс хаара,
  • Хаарыаныа, сурукка хааллаҕа,
  • Турбалар хап-хара тыыннара
  • Хабарҕа тыынынан хаайдаҕа. ..
  • Хонук сирим бу диэбиччэ
  • Хоһум иһин сырдата,
  • Ыйым күлэн мичээрэн
  • Ыйыппакка киирэн кэллэ...
  • Сирэйдиин сырдыыбын,
  • Сэбэрэлиин тупсабын
  • Сылаас тылтан,
  • Сырдык Тылтан.
  • Мэлдьи эдэр сылдьар
  • Медикамент булуохха,
  • Оҕонньор диэни ууратар
  • Олох сокуонун олохтуохха.
  • Дууһам саһарҕатын көрүстүм. 1993.

Дьокуускай.


  • Тыал тоҕо ытыйар?
  • Тыал тоҕо ыттыйар?
  • Тойон дьону буккуйар?
  • Туохха, туохха уккуйар?

Таптыам ,өссө таптыам. Дьокуускай. 1998.

  • Сиппит сааһым
  • Сирдьигинии сиэлэ хаамта,
  • Сиэбит хааһым
  • Сиргэ иҥпитэ быданнаата.
  • Таптыам, өссө таптыам.

Стр 10.

  • Дьокуускай. 1998.
  • Эдэрсийбит эдэр дьахтар
  • Элэк гыммыта абатыан,
  • Олох маһыттан ойон туран
  • "Олор",- диэбитэ абатыан.
  • Дьокуускай. 1998.

Таптыам, өссө таптыам.

  • Күлэр сааһым
  • Күнэ, ыйа
  • Күлүгүрбүт оһоҕум күлүгэр
  • Көлбөҕүрэн сыттаҕа.
  • Таптыам, өссө таптыам.

1998.Дьокуускай. стр 12.

  • Бу улуукан киэһэҕэ
  • Бар дьоммор, эһиэхэ,
  • Аҕаллым -аҕам алгыһын,
  • Ахтар ийэкэм илдьитин,
  • Эһэм оҕонньор эйэтин,
  • Эбэм эмээхсин мичээрин.
  • Таптыам, өссө таптыам.

Дьокуускай. 1998. Стр 16.

  • Санаам сырдык, сайаҕас,
  • Дьылҕам дьураа, быһаҕас,
  • Сирдьит суолум кырдьаҕас,
  • Айаным суола аһаҕас.
  • Таптыам, өссө таптыам.

Дьокуускай. 1998. Стр 18

  • Күнү көрдөрбүт,
  • Күөххэ көтүппүт
  • Күндү киһибин -
  • Көссүү аҕабын
  • Алыстаабыт,
  • Атаҕастаабыт
  • Диэбэппин,
  • Диэн да бэппин.
  • Таптыам, өссө таптыам.

Дьокуускай 1998. Стр 19.

  • Туохтаах буолан тоотоҥноотуҥ,
  • Туора-таары мунньаҥнаатыҥ-
  • Сирэйгэр арыы биһэн
  • Салыыр чахчыта биллибэт.
  • Таптыам, өссө таптыам.

Дьокуускай.1998.стр 21.


  • Кууһуом диэбит туустаах санаам
  • Кураан тыалыгар сууралынна,
  • Имэрийиэм диэбит үүттээх санаам
  • Иэдьигэйгэ кубулуйда.


Таптыам, өссө таптыам. Дьокуускай. 1998.стр 23.


  • Мэник илии,
  • Мээнэ илии
  • Түөһү тутта,
  • Төлө тутта.
  • Таптыам, өссө таптыам.

Дьокуускай 1998. Стр25.


  • Табан эппит өбүгэм -
  • Таптыыртан харах арахпат,
  • Ыпсаран эппит өбүгэм -
  • Ыалдьартан илии арахпат.

Таптыам, өссө таптыам. Дьокуускай 1998. Стр 29.


  • Хаарыан кыыс оҕо кэрэтин
  • Хаппахчыга хаайбаккын,
  • Халыан сүрэх баҕатын
  • Хатыс быанан баайбаккын.
  • Таптыам, өссө таптыам.

Дьокуускай. 1998. Стр 31.


  • Тэйэн -ойон мичийэн
  • Тэлгэһэҕэр тиийиэҕим,
  • Төлөнүрбүт сүрэхпин
  • Төлө тардан биэриэҕим !


  • Таптыам, өссө таптыам.
  • Дьокуускай 1998 стр 32.
  • Күн иэдэһин суоһуттан
  • Көмүрүө хаар сырылыы уулунна,
  • Кырдьыбат тапталым уоҕуттан
  • Кырдалга ньургуһун тылынна.
  • Таптыам, өссө таптыам. Дьокуускай 1998

Стр 40.