Ыстапаан Кустуктаанап
Ыстапаан Кустуктаанап - Куорунай улууһун бэйиэтэ.
Ытарҕа ый сырдыыра | |
— Таптал киэһэтэ |
Тойон, хотун оҕото | |
— Тойон оҕото мэниктээтэҕинэ, кулут оҕото таһыллар |
Үтүөнү оҥорботоххуна — |
Биэрэрин билбэт буолбут | |
— Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, уунарын умнан кэбиспит |
Кустуктаанап туһунан
уларытНоруот сөбүлүүр поэтын айымньылара тыыннааҕар Саха сирин үрдүнэн тарҕанар гына бэчээттэммэтэҕэ олус хомолтолоох. Мас хайдыбытын курдук көнө киһи С.И.Кустуктаанап, кимтэн да үҥэн-сүктэн көрдөспөтөҕө, ааттаспатаҕа. Биирдэ эмэтэ айымньыларын мунньан, кинигэ бэлэмнээн ыытара эрээри, ол араас биричиинэнэн болҕомтоҕо ылыллыбат этэ. Онтон улаханнык хомойоро, кэлин эрэммэт да быґыылааҕа. Туохтан эбитэ буолла, биирдэ Орто Сурка суруйааччылар тиийбиттэригэр, көрсүһүүлэригэр да кэлбэтэх үһү. Өйдөспөт буолуу онно арыый сылыйан хаалыан, бэйэтинэн өссө дириҥэтэн биэрбит сурахтааҕа… Билигин атын кэм, биһиги, биир дойдулаахтара, хайаан да саатар, улууспутугар Духуобунас сыла биллэриллибитинэн кини биир эттээх-сииннээх кинигэтин бэчээттэтэр ытык эбээһинэстээхпит. - Василий Алексеев.