Эбээн өс хоһооно
Эбээннии өс хоһооннор.
- Хякитанюн гяматча, нёчэнюн учэнмэтчэ. - Мастыын доҕордоһор, оттуун кэпсэтэр (кэпсэтэрин сөбүлүүр киһи туһунан)
- Алик игэн эгден оча. - Иһит тыаһа улаатта (ол аата ас бүттэ).
- Екэ хэрэн ичулчэ. - Күөс түгэҕэ көһүннэ. (ас бүттэ)
- Уникандулий илракан курэкинукэнни бэю. - Тарбаҕын тула үстэ эргитиэ.
- Тог мэддэн. - Уот биллэ (ол аата сотору ыалдьыттар кэлиэхтэрэ).
- Н,ин ок-та этэн олэкчир. - Ытыҥ хаһан да албынныа суоҕа.
- Коритан чолбэку. - Тэһэҕэс кулгаах (хобу-сиби тарҕатааччы).