Балыксыт (Н.Д. Неустроев)

Айымньы туһунан

уларыт

1924 с. суруллубута. Кэпсээн быһа тардыыта аан бастаан, "Балыксыт Былатыан" диэн ааттанан, "Чолбон" сурунаал 1926 с. 1 №-гэр, онтон салгыы эмиэ ити сурунаал 1927 с. 3-4 №№-гэр бэчээттэммитэ. Нууччалыы тылбааһа, "Рыбак Платон" диэн ааттанан, аан бастаан "Социалистическая Якутия" хаһыакка 1962 с. кулун тутар 25 к. бэчээттэммитэ. (Л.Габышев тылбааһа.)

Балыксыт Былатыан

уларыт

Балыксыт Былатыан — Н.Д. Неустроев "Балыксыт" айымньытын сүрүн дьоруойа.

"Балыксыт" кэпсээнтэн быһа тардыылар

уларыт
1. Көрүҥ эрэ! Күөл хаба оттотугар хара тумустаах, кыһыл атахтаах, үрүҥ көмүс түүлээх, хааҕырҕаан саҥарар хопто кыылым устан кылбайа сылдьар. Тыыраахы көтөрүм, иннэ суптуйан, кэннэ сарайан, бүтүннүүтэ кынат, түү иччитэ буолан баран, мас ойуун курдук, күөл үрдүгэр кукунайа-кукунайа ууга суптурута түһэн ылар.
2. Сырайын-хараҕын өйдүөн одуулаан көрбүтүм, үмүрүйбүт соҕус туруору сүүстээх эбит, баттаҕа, туртайан баран, тыымпы күөлүм хагдарыйбыт хамыһын дьүһүнүн курдук, саһаран эрэр, уһун соҕус субуруйбут муруннааҕа, боруоска табаах симиллэн, бочугунас тыастаах буолбут, ымайбыт уоһун иһигэр аҕыйах аҕай тиистээх, сэҥийэтигэр сии буолуохтааҕар сэбирийбит бытыктаах эбит. Сырайа буоллаҕына, күн уота сиэн, тыал быһыта сынньан, кэриэрэн, дьэс алтанын курдук, саһаран хаалбыт. Тугуттан даҕаны хараҕа ыраас, сытыы эбит. Кэпсэттэҕинэ, киһи сырайын утары көрбөт идэлээх кырдьаҕас. Ол-бу диэки элээр-мэлээр көрө олорор үгэстээх киһи эбит.
3. Күһүҥҥү түүн, соботуттан кэриэһин тото сиэн баран, Балыксыт Былатыан, саҥынньаҕын бүрүнэн баран, хатырык отуутугар түлүк уутун утуйа сытан, туох эрэ күүстээх тыас тигинээбититтэн уһуктан кэлэн, өйдөнөн көрбүтэ, отуутун айаҕа аһыллан хаалбыт эбит, хара тыа тыаһа тиҥинэс буолбут, тыаһаабат уулаах тыымпы эбэтин долгунун тыаһа ньиллиргэс буолбут, хара былыт мааҕы бэйэлээх күндүл маҥан халлаанын бүрүйэн кэбиспит, хара самыырынан туох да көстүбэт гына тоҕу түһэ турар эбит.
4. Оҕонньор уҥуоҕун аттыгар туран эрэ, күөлү көрбүтүм, сайыҥҥы күн уотун сардаҥатыгар уу күөх толбоно күлүмнээн көстүбүтэ, дьэ, көрүөххэ кэрэ этэ.