Далан "Дьылҕам миэнэ" айымньытыгар суруйааччы уобараһа

В.С. Яковлев – Далан «Дьылҕам миэнэ» айымньытыгар суруйааччы сырдык уобараhа. Үлэ сыала: В.С. Яковлев-Далан «Дьылҕам миэнэ» автобиографическай айымньытын нөҥүө кини сырдык уобараһын арыйыы, сырдатыы, тарҕатыы.

Үлэ соруктара: • «Дьылҕам миэнэ» мемуар-кинигэтин ааҕыы; • Айымньы сүрүн проблематикатын арыйыы; • Ромаҥҥа таарыллар боппуруостартан ааптар киһиэхэ уонна олоххо сыһыанын арыйыы.

Үлэ тоҕоостооҕо: Аныгы сайдыылаах үйэҕэ эдэр ыччаты историяҕа сыһыарыы. Саха сирин ааспыт үйэтин, бэйэтин омугун, норуотун аһарбыт ыарахаттарын, сүдү дьоннорун кытта билсиһиннэрии.

Василий Семенович ЯковлевДалан биллэн турар саха омукка бэйэтин эрэ кэмин уһулуччу, ураты толкуйдаах, дьоҕурдаах киһитэ буоларынан эрэ буолбакка, кини билиҥҥи да кэмнэ улаханнык сыаналанар сүдү талааннах, сүгүрүйэр киһибит буолар. Кини олорон ааспыт олоҕо биһиэхэ эдэр ыччакка билиҥҥи уонна инники олохпутугар олук, холобур буолар диэххэ сөп.

Далан бу мемуар – кинигэтигэр хайдах репрессияҕа тубэһэн эрэйи көрбүтүн, хаайыы олоҕун-дьаһаҕын эрэ буолбакка, айымньы нөҥүө бутун дойду иһинээҕи политиканы, оччотооҕу уопсастыба туругун, үгүстэр көрбөтөх «киһи сирэйдээх» социализм дьонтон-норуоттан кичэйэн кистиир иккис сирэйин өнөтөн, сэгэтэн көрдөрөр. Ол эбэтэр бэйэтэ сүрүн герой быһыытынан биир туспа историческай кэрдиис кэм бэлиэтин үөрэтэр, оччотооҕу уопсастыба араас араҥаларын, социальнай мөссүөнүн бары өттүттэн чинчийэр.

Автор эдэр сааһа , устудьуоннуур сыллара уонна түптүрдээх түрмэҕэ олоҕу анаарыыта.

Былыр былыргыттан тыа сахата олус патриархальнай, көнө санаалаах. Онтон Далан кыра эрдэҕиттэн эмиэ оннук санааҕа, быһыыга-майгыга иитиллибит.(Тыгын оҕото – көнө үчүгэй киһи). Үөрэҕэр өрүү бастыҥ, куруутун хайҕалга сылдьыбыт бастыҥ октябренок, пионер (дружина советын председателэ), комсомол (маҥнайгы сүһүөх комсомольскай тэрилтэ секретара), иннкитин советскай учуутал . Албынныыр, сымыйалыыр туһунан санаа да киирбэт этэ буоллаҕа Далан устудьуоннуур сылларыгар хайдах эмэ түргэнник үөрэҕин бүтэрэн, үлэһит буолан, дьонун ииппит киһи диэн санаалааҕа. Кини кыра эрдэҕиттэн сэрии-сут сылларыгар улаатан, аччык олох диэн тугун билбитэ. Хаайыы кэмин кытары аахтахха, аччыктааһын, таҥас-сап тиийбэтэ 1955 сыллаахха, кини үлэһит буолуоҕар диэри баара. Саамай сайдар, саамай үүнэр кэрэ, үтүөкэн сааһыгар аччыктааһыны, танас-сап тиийбэтиттэн элбэхтэ эрэйи көрсүбүтэ. Ол курдук кыра сылдьан интернакка олорон мэлдьи ас туһунан саныыр эбит буоллаҕына, хаайыыга сытан кини өйө-санаата барыта тиийбэт, сүтэрбит көҥүлүн туһунан этэ. Дьокуускайдааҕы пединститут историческай факультетыгар үөрэнэ сылдьан Г.П.Башарин салайар куруһуогар дьарыктаммыта. Ол сылдьан «Башарин дьыалата» диэн ааттаах саха норуотун омугумсуйууга буруйдуур улахан алдьатыылаах дьыалаҕа балыйыллан, 1952 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр институт төрдүс куурсугар үөрэнэ сылдьан хаайыллыбыта. Кинини кытта бииргэ үөрэнэр доҕоро-атаһа Миша Иванов (Багдарыын Сүлбэ), эдэр суруйааччы Афанасий Федоров бааллара. Кинилэр үйэлэригэр фашистары көрбөтөх, өссө абаааһы көрөргө үөрэмммит дьон, эмискэ бэйэлэрэ «фашистар» буолан хаалбыттара. Көнө санаатыгар, эдэркээн бэйэтэ буруйа суох хаайыыга сытарыттан олус абарара, ол санаа кинини үүйэ-хаайа тутара, уон сылы быһа олоруом диэн адьас итэҕэйбэт этэ, сүрэҕэр мэлдьи эрэл кыыма кылаҥныыра. Баҕар ол иһин буолуо кини хайа да түгэҥҥэ санаатын ыһыктыбакка, төһөлөөх да эрэйи, сору-муҥу тулуйан, кырдьыгын иһин бүтэһигэр дылы охсустаҕа, бэринэн кэбиспэккэ көҥүлүн буллаҕа.

Ол курдук тугу барытын чиэһинэйдик ылынар үрдүк үөрэҕин бүтэрээри сылдьар эдэр устудьуон, МГБ үлэһиттэрин кырысталлыы ыраас, чиэһинэй, үтүө дьонунан ааҕара, уопсайыттан кэлэн тутан илдьэ барыахтарыгар диэри бэйэтин кытарар кыһылбын дэнэрэ, маркситскай-ленинскэй үөрэҕи олус итэҕэйэрэ, коммунистар былаастарыгар олус бэриниилээх этэ.

Буолумна даҕаны, оччотооҕу кэм тоталитарнай режимэ үөрэҕириини кытта дьаһайан олордоҕо. Пединститутка үөрэнэр кэмигэр философияны, аан дойду чулуу өйдөөхтөрүн үөрэппэттэр эбит, бэл диэтэр Эйнштейн «относительность» туһунан теориятын билиэхтэрэ дуо. Научнай социализм диэн үөрэппит үөрэхтэрэ хайдах даҕаны научнай буотах буоллаҕа. Өй-санаа саамай чыпчаалынан бүтүн Советскай Союзка «БСК(б)П историятын» кылгас курса, Сталин үлэлэрэ, дакылааттара, этиилэрэ, кини кылгас биографията буолбута. Итини барытын кинилэр эдэрдиин- эмэнниин буолуохтааҕын курдук ылыналлара. Ити курдук былаас сабыдыалынан киһи өйүн-санаатын таһымын кыччаталлар, муомурдаллара, моҥкурууталлара. Онуоха саҥа үүнэн-сайдан эрэр эдэр ыччат өйө-санаата, толкуйа ол курдук татым, чычырбас буола иитиллиннэҕэ.

Ол сыыһа санааларын кэлин хаайыыга киирэн баран барытын өйдүүр, бэйэтиттэн бэккиһиир. Дьэ онно киниэхэ МГБ следователэ Березовскай оччоооҕу кэм идеологическай установкатын бэрт чуолкайдык быһаарбыта: «Маркс-Энгельс-Ленин-Сталин – основоположники. Они выдумывают что-то новое. А остальные так назывемые ученые- популяризаторы. Они разжевывают народу идеи, положения основоположников».

Түмүк

уларыт

Ити курдук, Далан олус ыарахан кэмҥэ тоталитарнай систимэмэ сиэртибэтэ буолан олорон аастар, бэйэтин норуотугар сүҥкэн кылааты хааллардаҕа. Дойдутугар, норуотугар түөрт уон сыл устата быыстала суох ис сүрэҕиттэн, дууһатынан ылларан- баҕаран туран үлэлээтэҕэ, бэйэтин холобурунан дьиҥнээх тулууру, үөрэххэ-үлэҕэ дьулууру туоһулуур. Онтон бу «Дьылҕам миэнэ» айымньыта бу түгэни олус аһаҕастык, дириҥник көрдөрөр, суруйааччы ис туругун, уобараһын чуолкайдык арыйар.

Туттуллубут литература:

уларыт

1. Далан – Дьылҕам миэнэ: Роман-эссе. / - Дьокуускай к. Нац. Кинигэ кыһата «Бичик» 1994 – 448с.''Italic text''--Далан (talk) 08:47, 30 April 2018 (UTC)Italic text'