Иин - II. 1. Хаспах, оҥкучах, хаһыллыбыт сир. 2. Өлбүт киһини көмөр умуһах. 3. Хороон. 4. көсп. Баттал, ыар олох.
Өс хоһооно, сомоҕо домох
уларыт
- Өлбүт иинэ суох буолбат, тыыннаах аһылыга суох буолбат.
- Үөр бөрө иинин хастыбат.
- Иин айаҕар сытар.
- Иинин өҥөйбүт.
- Иин иһин курдук.
- Иин курдук хараҥа.
- Иинэ суох илдьиркэй, аана суох алдьархай.
- Ииҥҥэ киирбит.
- Ииҥҥэ киллэр.
- Ииҥҥэ этиллибит.
- Кутуйах иинин кэҥэтэр.
- Дьахтар санаата иинин буоругар туолар.
|
"Сүдү киһи
Сүүһүн туолла,
Сүгүн сүгүннэр
Сөп буолуо этэ;
Улуу киһи
Олус буолла,
Умуһаҕар угулуннар
Ордук буолуо этэ;
Эбэбит эрэйдээх
Итинник буолуон кэриэтэ,
Иинигэр киирдэр
Иккинэн ордук буолуо этэ" дэспиттэр...
|
|
— А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата.- Якутскай, 1978, С. 66 |