Куба — Маҥан дьүһүннээх, уһун моойдоох, саһархайдыҥы сырдык атахтаах, тумустаах Саха сирин хоту өттүгэр сымыыттыыр бөдөҥ көтөр.

Куба туһунан уус-уран айымньыларга

уларыт
  •  

Куба үйэтигэр биирдэ таптыыр,
Ол тапталынан туналыйа сырдыыр...

  Баһылай Босяк
  • - Биһиги аҕа ууһа былыр куба таҥаралаах этибит. Кубаны харыстаан үрүҥ кыыл диирбит. Куба этин сиэхтээҕэр буолуох, кинини көрүөхпүтүн да толлорбут. Куба ыраах күөлгэ түһэн олорорун көрдөхпүтүнэ, таҥалай диэн мааны таҥаһы кэтэрбит, сөһүргэстээн олорон киниэхэ сүгүрүйэрбит. Оттуу сылдьан кубалар көтөн иһэллэрин көрдөхпүтүнэ, дьахталлар бугул анныгар саһан хааларбыт. Таҥарабытыгар мара таҥастаах көстөрбүт улахан айыы буолара. Мин биирдэ күһүн отонноон баран, хаппыт олооччуга бэрбээкэйбин аалларан, олооччубун устан, атах сыгынньах дьиэбэр төннөн испитим. Ол истэхпинэ үрдүбүнэн үс куба көтөн ааспыта... Таҥараларбар атах сыгынньах көстүбүппүттэн улаханнык сааппытым уонна куттаммытым... Хайаан да сэттээх-сэмэлээх буолуо дии санаабытым. Сэрэйбитим курдук, эһиилигэр атахпынан охтубутум... - Өлүөнчэ эмээхсин ыалдьар атаҕын диэки көрөн ылар...

Иван Гоголев. Хара кыталык.