Кэм

Кэм туһунан сомоҕо домохтор

уларыт

Кэм туһунан өс хоһоонноро

уларыт

Кэпсээнтэн быһа тардыылар

уларыт
  •  

Кэм-кэрдии барахсан тугу эмтээбэтэҕэ баарай, хайдахтаах да сырҕан бааһы оһорон кээһэр дууһа, сүрэх эмчитэ буоллаҕа.

  Анна Саввинова-Дабайа. Олох эриэнэ, Дьокуускай: Бичик, 2015, с.96

Хоһоонтон быһа тардыылар

уларыт
  •  

Кэрэдэх үйэм кээнчэтэ
Элэйиэҕин иннинэ,
Кэхтэр кэмим кэҕэтэ
Кэлэҕэйдиэн иннинэ...

  Зинаида Архипова. Түлүк уум түүллэрэ, Дьокуускай: Түһүлгэ, 2018, с.6
  •  

Утуйан уһугуннах аайы
Урукку олох,
Уу-хаар курдук,
Ууллан тохтор...

  Алампа //
  •  

...Кэм-кэрдии, киэҥ куйаар,
Өл-төрөө — кыһаммат,
Басхайа да байаар,
Бахтай да — аһыммат...
Син тахса туруоҕа
Үрүҥ күн — күн ахсын,
Хаар түһэн ууллуоҕа,
Кыс — бүгүн, саас — сарсын,
Күөх сайын салаллыа,
Чэлгитиэ сир кырсын...
Эн кэмиҥ ааҕыллыа,
Бүк бүгүн, сас сарсын...

  Сэргэх Сэмэй. "Оһуор тыл симэхтээх хонуубар", Дьокуускай, ИП Иванова, 2012, 53 с.