Ойох - эр киһи кэргэнэ, дьахтар. Дьахтар кэргэнэ - эр.

Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро, сомоҕо домохтор

уларыт
  • Ойоҕостон ойох көрдөөбүккэ дылы - кыттыгаһа суох эрээри, туораттан орооһор, тылга тииһэр киһи туһунан этиллэр
  • Одуулууруҥ эрэ ойоҕуҥ, кыҥырыыҥ эрэ кыыһыҥ - кэргэттэрин тылынан батарбат дьиэ баһылыгын туһунан
  • Ойоҕор айах туппукка дылы - ыалдьыты күндүлүүргэ сиэри кэһэн үгэһи тутуспакка, кырдьаҕаһы-мааныны бастатан күндүлээбэт киһини этэллэр
  • Ойоҕо хараҕа суох буолтун туһунан үс сыл буолан баран билбиккэ дылы - туох эрэ куһаҕаны өргө диэри өйдөөн көрбөккө билбэккэ сылдьан баран билбит киһини күлүү гынан этэллэр
  • Ойуун ойоҕо дьохтоох, уус ойоҕо - дархан.
  • Бэйэм ойохпор бэйэм ымсыырдым диэбиккэ дылы.
  • Аҕабыт ойоҕо аакка түһэр.
  • Ойуун ойоҕо улаҕалаах.

Ойох туһунан уус-уран этиилэр (эпитеттар)

уларыт
  • Хоойго сытар холоонноох доҕоро
  • Үрүҥ дьиэм үрүмэччитэ, хара дьиэм хараҥаччыта

Уус-уран айымньыга

уларыт
  • (Оруос Баай) Икки атахтаах эрэйин аччатаары,
    Икки атахтаах дьолун тупсараары,
    Кыра кыыспын, Айыы Куону,
    Кыырай халлаан кылаан бэрдигэр,
    Орой-буурай Орулуос Дохсуҥҥа
    Ойох биэрэн атааран эрэбин.

П.А. Ойуунускай. Кыһыл Ойуун. 10 кылааска үөрэнэр хрестоматия. Бичик: 2009, С.182}}