Сэмсэ - 1. (аат т.)Туохтан эмэ киһиэхэ, өлүүтүн таһынан, эбии биэрии. 2. (даҕ.) Ордук, хос, эбии.

Уус-уран айымньыга

уларыт
  •  

Ынахтарын тас таманнарын сүлэн ылан, оҕолорго сэмсэ биэрдилэр. Оҕолор ол ылбыт таманнарын, атын даҕаны эт-сыа бытархайдарын: "Бу сэмсэбит", - дии-дии тус-туһунан ытыстарыгар баар чоҥхой оҕотугар мунньан истилэр... Оҕолор сэмсэлэрин үтэһэҕэ тиһэн баран таһааран ампаарга ууран кэбистилэр, таҥараҕа сиэхпит, дэһэ-дэһэ.

  К.О. Гаврилов. Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр. Урут бобуллубут айымньылар. Дьокуускай, Бичик: 2019. С.97]]