Төрөөбүт тыл
Төрөөбүт тыл - ийэҥ-аҕаҥ тыла.
Айымньыларга
уларытӨскө төрүт тылгын умнуоҥ - | |
— Сэмэн Уруукап |
Саха тыла сайдыан баҕарабын, сайдыа диэн бэркэ эрэнэбин. | |
— Былатыан Ойуунускай |
Уонна эн өрүү өйдөө: аан дойдуга биир даҕаны дьадаҥы, сыппах тыл диэн суох. Ким этиэй олоҥхо тылын намыhах таhымнаах, куhаҕан тыл диэн. Ити улуу тыл. | |
— Сэмэн Данилов |
Cаха омук тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх, сир симэҕин курдук сиэдэрэй. | |
— Амма Аччыгыйа |
Биhиги ийэ тылбыт - … дууhаны долгутар, өйү үлүhүтэр күүстээх- кыахтаах, имэҥнээх- илбистээх кэрэ-дьикти тыл! | |
— Күннүк Уурастыырап |
… Төрөөбүт тылга болҕомто - төрөөбүт тыллаах дьон кыhалҕалара, түбүктэрэ. Атын ханнык да таҥара, герой онно көмөлөhөр кыаҕа суох. Төрөөбүт тылын төрөппүт оҕотугар бэйэтэ биллэрбэккэ, оҕо саадыгар, оскуолаҕа сэлээнниир буоллаҕына, кини төрөөбүт тыла сайдарыгар баҕарбат, дьулуспат… | |
— Г.Г. Филиппов |
Төрөөбүт тыл киhи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө -санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иhирэх иэйиитэ уhуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар. | |
— Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтэ |
Хотонум сүөһүтэ быччары | |
— Оһуохай Уола |
Д.С.Лонгинов диэн Аҕа Дойду сэриитин кыттыылааҕа, учуутал суруйбута баар: | |
— Софрон Данилов |
Төрөөбүт | |
— Күндэ |
Дьоҥҥо харыс санаа, кэрэҕэ умсулҕан суох буолла. Ол туохтан диир буоллаххына, төрөөбүт тылыттан дии саныыбын. Төрөөбүт тылынан саҥарбат, төрөөбүт тылын суолтатын өйдөөбөт киһиэхэ туох харыс санаа, иэйинньэҥ дууһа баар буолуо диэтэҥий... | |
— Николай Босиков "Тыа" сэһэниттэн |