Хоноһо - ыалга хонор эбэтэр хоммут ыалдьыт.

Өс хоһоонугар, сомоҕо домоххо уларыт

  • Сылдьар ыалдьыт, хонор хоноһо.
  • Хоноһо хоноһотун хоонньоспутугар дылы.

Уус-уран айымньыга уларыт

  •  

Күүттэриилээх хоноһо -
Буолар мааны хоноһо,
Соһуччу кэлбит хоноһо
Буолуохтун эмиэ -
Мааны хоноһо!

  — Сулус санаалар, 2016, с.89
  •  

Түүн үөһүн ааһыыта бадахтаах оҕонньор түргэн үлүгэрдик туран хоноһолорун туруортаата, аһаан-сиэн, тэринэн баран, айан дьонноро аартыгы арыйан айаннаатылар.

  — Саха народнай тойуктара.Мачайар Баһылай, 1983, С.72
  •  

Миэхэ хоно кэлбит
Хоноһолор буолуо дии санаабытым,
Хатыйдаар, эһиэхэ хоно кэлбит
Хоноһолор эбит.
Хоноһолоргутун хонноро охсоҥҥут,
Хотуйдаар, ыыта охсуҥ.

  — Саха народнай тойуктара.Мачайар Баһылай. Якутскай, 1983, С.34