Саха өһүн хоһооно
(Мантан: Саха өһүн хоһоонноро көстө)
Суон ойуур курдук дурда буол, халын тыа курдук хахха буол.
А
уларыт- Аан дойдуга туохтан да үчүгэй эйэ, туохтан да куһаҕан иҥсэ.
- Аан дойду ахтылҕаннаах, бар дьон санабыллаах.
- Аан дойду дьонун ат гынан мииммит, орто дойду дьонун оҕус гынан көлүммүт.
- Аан дойду көхсө киэҥ.
- Аан тутааҕын тутан турда.
- Аастахха аба да амтаннаах, утаттахха уу да минньигэс.
- Аат бөҕө алдьанна, сурах бөҕө сууйулунна.
- Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх.
- Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат.
- Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах.
- Аҕам киһи санаата улуу сыһыы уҥуоргу өттүн туоруур, дьахтар санаата аһын саҕатын ааспат.
- Аҕал диэтэххэ, антах хайыһар, ыл диэтэххэ, ымах гынар, кулу диэтэххэ, курус гынар, мэ диэтэххэ, мичик гынар.
- Айаҕын абатын, тумсун тууһун.
- Айаҕын бүөлээтэ.
- Айан киһитэ аргыстаах, суол киһитэ доҕордоох.
- Айан ыта ардырҕас, көс ыта көҥөс
- Айыы киһитэ ийэтигэр мичээрдээбит күнүттэн олоҕо саҕаланар.
- Акка иччитин күҥҥэ түөрт уонна өлөрөр санаа киирэр
Арах диэхтээҕэр алакы буоллаҕа. |
- Арыы киһитэ алаа, хаарты киһитэ харалҕан.
- Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат.
- Арыгыттан алдьаммыт, испииртэн иэдэйбит.
- Арай хаарга үктэммитэ кырдьык.
- Аска аҕыйах үчүгэй, үлэҕэ үгүс үчүгэй.
- Аска өһүм суох.
- Атах балай барда.
- Атахха биллэрдэ.
- Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалсыбат.
- Ат күрүөнү намыһаҕынан көтөр.
- Ат көһүннэҕинэ ыҥыыр көстүө, быһах көһүннэҕинэ кыын көстүө.
- Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаҕын.
- Атаҕын төбөтүгэр үстэ эргийэн,дьэ уол оҕото.
- Атас туһугар атах тостор.
- Аттаабыт ыт курдук
- Суолтата: дьыалатын эбэтэр кыдьыгын, үөрүйэҕин эмискэ бырахпыт киһини этэллэр
- Аттаах ойбоно, сатыы тайаҕа.
- Аттаах хонуга, сатыы өйүөтэ.
- Аттаах сатыыны кытта аргыстаспат.
- Аттаахтан кымньыытын ылар, сатыыттан тайаҕын ылар киһи.
- Атырдьах маһын хайа тардыспыттар.
- Атырдьах маһыныы арахсыбыттар.
- Акаары аттыгар өйдөөх курдук көстөөрү.
- Акаары ахсым, киһиргэс киэбиримтиэ.
- Акаары төбө атаҕы иллэҥ оҥорбот.
- Аһаан баран атаһын ахтыбыт диэбиккэ дылы.
- Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
- Алгыска оннооҕор абааһы ахсыыр.
- Албын киһи үс күлүктээх дииллэр.
- Албыннаан саһыл саҕаланыаҥ суоҕа.
- Албын тыла мүөттээҕэр минньигэс.
- Албыннаабакка сатаан атыылыан суоҕда.
- Албан ааттаах, суон сурахтаах.
- Албан аат, суон сурах түргэн кынаттаах.
- Алдьатыы дөбөҥ, оҥоруу уустук.
- Аҥаара таҥара маһа, аҥаара күрдьэх маһа буолбут.
- Ааспыты аһат, тоҥмуту ириэр.
- Аччык атас-доҕор буолбатах.
Б
уларытБаай дьадаҥыны аһыммат, дьадаҥы баайы аһыммат. |
Баай дьадаҥыны кытта доҕордоспот. |
- Баартан туһаныллыбат буолуллубат.
- Баар хаалбат, мал холлубат.
- Баар тииһимтиэлээх.
- Баайыллан маҥан ат ылыаҥ суоҕа.
- Баай хараҕа туохха да туолбат.
- Баастаах аттан ньаалаҕай арахпат.
- Байҕал бааллаах, үлэ күүрээннээх.
- Баскынан тур, атаххынан тур.
- Баттаҕа турда, иэнэ кэдэрийдэ.
- Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ.
- Барыам диэн маскын бараама.
- Бараммыт баһыллыбат, тохтубут туолбат.
- Барбат киһитигэр барбат, биэрьэт киһитигэр биэрбэт.
- Барбатах балык миинин курдук мэндээриччи көрдө.
- Барбатах ыт сыгынаҕы үрэригэр дылы
- Суолтата: Эбээһинэһин толорбокко гынан баран, харах баайан толорбута буолар киһини этэллэр
- Балык уу дириҥэр, киһи олох үчүгэйигэр талаһар.
- Балык уудириҥин былдьаһар, киһи күн үтүөтүн (батыһар) көрдөһөр.
- Балык ыамнаах, киһи күннээх
- Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун
- Баһа суох маанымсык, төбөтө суох үтүөмсүк
- Баҕалаах баҕанаҕа ыттар
- Баҕа куттанар баччыр оҕо
- Баҕа силэ байҕалга баҕалаах
- Баҕа бэйэтин бадараанын хайгыыр
- Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, уол оҕо ханна төрөөн өлбөтөҕөй
- Биир мас аҥаара - таҥара маһа, аҥаара - күрдьэх маһа
- Биир киһи - барыбыт туһугар, барыбыт - биир киһи туһугар
- Биир мэник сүтэрбитин сүүс көссүө булбат
- Бил баһыттан сытыйар
- Биһикпин ыйаабыт сирим
- Биэс уон икки күлэр эмэгэт кулута
- Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, уунарын умнан кэбиспит
- Биэрэрин биэс тарбаҕыттан быстар кэриэтэ саныыр
- Биэтэк билиэҕэ.
- Бодорустахха бодоҥ биллэр, кэргэннэстэххэ кэмэлдьи биллэр
- Быа синньигэһинэн быстар, быһах угунан тостор
- Быар быһаҕас, түөс тоһоҕос
- Быаргын тарбаама
- Былыр күөс хоруота өҥөлөөхпүн диэбиккэ дылы
- Былыргы киһи - ынаҕынан, аныгы киһи - үөрэҕинэн байар.
- Былыргыны былыт саппыт, ааспыты ардах сууйбут
- Былырыыҥҥы дьирики хараҕын эриэхсит диэбиккэ дылы
- Быһах угун кыстыммат, суор хараҕын оҥуспат
- Быһах хоппотоҕун булугас өй хотор.
- Быт сиэтэҕинэ - тарбаныллыа
- Бытыгын быһа үктүөр диэри өйдөммөтөх диэбиккэ дылы
- Булуммута эрэ түптэ буруота.
- Буор уйбат буруйдаах, сир уйбат сэмэлээх
- Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы
- Буруолаах буруолааҕы муҥа суох саныыр
- Буруону хааһахха хаайбыкка дылы.
- Бүргэһи хабахха хаайбаккын
- Бэҕэһээҥҥэ диэри ыт буутун ытыра сылдьарыҥ, бүгүн саһыл кутуругун тута сылдьаҕын
- Бэлэнньигин оҕуруотун аахпыт
- Бэлэһигэр силлээбит, куолайыгар хаахтаабыт.
- Бэлэһигэр биэс иннэлээх
- Бэйэ алҕаһын бэйэ билиммэт диэбиккэ дылы
- Бэйэ тыыныгар бэйэ өһө суох
- Бэйэтин иннигэр бэрэбинэ сытарын да көрбөт киһи.
- Бэйэтиттэн ситиспэтэҕин бэдэриттэн ситиһиэ.
Д
уларыт- Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат
- Доҕору булар дөбөҥ, доҕордоһор уустук
- Доҕордуу дьоҥҥо ыраах да чугаһыыр.
- Дойду сурахтаах, алаас ааттаах
- Дугдуруй да, оҕус
- Дулҕаҕа тумсун соттон кээстэ.
- Дуйдаах тааска дылы.
Дь
уларыт- Дьадьайан баран баайгын кэпсээмэ, кырдьан баран күүскүн кэпсээмэ
- Дьадаҥы киһи үс хос куобах суорҕаҥҥа бүрүллэн утуйар, баай киһи иннэ-бүргэс үрдүгэр утуйар
Дьадаҥы байбат, баай аһыммат. |
Дьадаҥы ыал уота сылаас, баай ыал уота кэмсиик. |
- Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас
- Дьахтар холумтаҥҥа тиийиэр дылы санаата түөрт уонна уларыйар.
- Дьахтар уруута амарах, эр киһи уруута таһарах
- Дьахтар амарах дууһата - дьиэ кэргэн тэбэр сүрэҕэ.
- Дьиэ аайы баар дьүһүннээх дьахтар.
- Дьиэм кэннин көрүмүнэ өллүм диэбиккэ дылы
- Дьол хараҕа суох
- Дьоллоох түөрэх курдук тиэрэ таһыллан сытар.
- Дьолоҕойугар тохтотто.
- Дьонноох киһи тутайбат
- Дьоҥҥо үтүөнү оҥоруу - дьоллоох буолууну оҥостуу.
- Дьэбиннээх тимир үлэҕэ күлүмүрдүүр.
- Дьэргэлгэн өҥүнэн оонньоото.
Дьэ, ити - киһи тыла. |
- Дьэс-куос тутунна.
- Дьүһүнүн көрөн киһини сэнээмэ
- Дьыала сытыйбат
- Дьэбин уоһуйан көрүстэ.
- Дьэтин ылла.
- Дьэргэстэй ыһыаҕын ыстылар.
И
уларыт- Иирии икки итирии икки аҕас-балыс
- Иитиллэргэ тэриллибит ийэ сирим
- Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабаттар
- Икки атахтаах эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар
- Икки ардыларыгар уу тэстибэт дьоно
- Илии хамнаатаҕына айах хамныыр.
- Иннин тымтыктанан көрбүт суох
- Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат
- Илдьэ барар идэм, кытта төрөөбүт кыдьыгым, бииргэ кэлбит мэнигим
- Иҥсэтэ бэйэтинээҕэр улахан
- Иһигэр былас муостаах киирбит
- Истибиттээҕэр көрбүт ордук.
- Итирик киһи бөрөтөөҕөр кутталлаах
- Итирик киһиттэн оннооҕор ыт куттанар
- Итириккэ муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан
- Иттэннэри бырах, умсаннары уур - үүт үкчү буолбаат
- Ир суолун ирдэстэ.
К
уларыт- Киирбит күн күөрэйиэ.
- Ким доҕордоох, ол дьоллоох
- Ким үлэлээбэт, ол аһаабат
- Кимиэхэ хойуу, кимиэхэ убаҕас
- Килбиэн көмүс киртийбэт, киһи бэрдэ кэхтибэт.
- Киһи айаҕын саба туппаккын
- Киһи буруйа ааспат - халлаан халлаан түргэн0ник көнөр
- Киһи да сүөһү да айаҕынан
- Киһи киэбэ хайдаҕа - көстөр кини хараҕар.
- Киһи тыла – ох
- Киһи иккитэ төрүөбэт
- Киһи итэҕэһигэр төрөөбүт киһи
Киһи киһиэхэ - сур бөрө. |
- Киһи тыла уоттааҕар абытай
- Киһи аан дойдуга биирдэ төрүүр
- Киһи кэмнээх, балык ыамнаах
- Киһи хараҕа туохха да туолбат
- Киһи хараҕа иинин буоругар эрэ туолар
- Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук
- Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр.
- Киһи сырыттаҕына сырыттым диир
- Киһи санаалаах, туу сүрэхтээх
Киһи эттэҕинэ, эмиэ да сөпкө дылы. |
- Киһи өллөҕүнэ үтүөтэ биллэр
- Киһини үлэ киэргэтэр
- Киһиргиибин диэн кирсин быстаарай
- Киһиргээн кэтэҕэ тулларын кэрэйбэт
- Киһиргэһэ бэрт киһи бэрдэ дэппэт.
- Киэҥ иһит кэһиэхтээх.
- Киэҥ үрэх чэлгиэннээх, уһун үрэх уорааннаах
- Киэҥ көҕүс кыараата, уһун санаа кылгаата
- Киэһээҥи аһыырдаах киһи чугаһаабат киһитэ
- Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан
- Күлэр икки ытыыр икки аҕас балыстыылар.
- Күөнэххэ быһахтаммыкка дылы.
- Кыайыам суоҕа дэнии -кыаһыланан кэбиһии.
- Кыайтарыы кыһыытын билбэккэ - кыайыыга кылыйан тиийбэккин.
- Кыһалҕа кыһыл кымньыылаах
- Кыһалҕа таһыйара талахтааҕар сытыы
- Кыра да кыһарыйар
- Кыра киһи кыһалҕаны билэр
- Кыраҕа кыһаллыбат, улахаҥҥа уолуйбат
- Кыталык кынатын төбөтүгэр кыырпахтааҕар дылы
- Кыталык кыталыгы булсар, суор суору булсар.
- Кырдьаҕас ыт сымыйанан үрбэт
- Кырдьаҕас киһи сүбэтэ дьолго тиэрдэр
- Кырдьаҕастан алгыһын ыл
- Кырдьаҕастан алгыһын ыл, эдэртэн эйэтин ыл
- Кырдьаҕаһы матаҕаҕа хаалаан сылдьан сүбэлэтиҥ
- Кырдьаҕаһы хааһахха хаалаан сылдьан сүбэлэт
- Кырдьан баран кылыыһыт буолбукка дылы
- Кырдьык ууга да тимирбэт, уокка да умайбат
- Кырдьык хаһан да кыайа турар
- Кырдьыгы хайаа да - кылбайан тахса туруо.
- Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат
- Кырыыс баһа хааннаах, алгыс баһа арыылаах
- Кыыс оҕо ырыатыгар кыттыспыт, уол оҕо тойугар холбоспут
- Кыс хаар ортото кыталык этинэн сүрэхтэппиккэ дылы
- Кыhыл тылынан кыырар, кураанаҕы куолулуур
Кыһыл тыл - байҕалы оломнуур. |
- Кыыһыр да, доҕоор, оннооҕор халлаан тыалырар
- Көмүс кытахтан төкүнүйдэ.
- Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн
- Көтөр кынаттаах көтөргө, киһи дьолго ананан айыллыбыттар
- Көҕөн көттөҕүнэ көппөх оргуйар
- Көҕөнү тутаары чөркөйтөн маппыт
- Көҕүлүн илбийэр, кэтэҕин кэрдэр
- Көбүөхтүүрүн аанньа күөх киһиргэс
- Көлүүрдээх оҕус от хаата, үлэ киһитэ ас хаатa.
- Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар
- Көмүс харчы күүстээх, эттээх ат эрэмньилээх
- Көмүскэтэрим эрэ көмүскэм уута, харыстанарым эрэ хараҕым уута
- Көс ыта көҥөс
- Куһаҕан киһи кулгааҕа кутуругун төрдүгэр
- Куһаҕан киһи көрбүтүнээҕэр үчүгэй киһи сэрэйбитэ ордук
- Куһаҕаны доҕордоспут куһаҕаҥҥа тиксибэт буолбат, хотоҥҥо киирбит саахха биһиллибэт буолбат
- Кулуннаах биэ курдук куодарыһаллар
- Кулгаах хаалыа, муос үүнүө
- Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр
- Кутуйах иинин кэҥэттэ.
- Кутургуйаҕа бэл бухатыыр айа диэбит үһү
- Кутургуйа талбытыгар тахсар, тойон талбытынан дьүүллүүр
- Куттамсахха турбут барыта тойон
- Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар
- Куттас үйэтигэр сүүстэ өлөр
- Кус түспэтэх уута суох
- Кус көттөҕүнэ, көппөх көтөр.
- Куһаҕан ыт оннун булбат
- Кутурук куйаар, тэллэх тэлээр киһи.
- Кэччэгэйтэн кэлтэгэй хамыйахтаах басыһар
- Күлүгэр ырдьыгынаабыт ыкка дылы
- Күлүгүн туттаран кэбистэ.
- Күлэр икки ытыыр икки аҕас балыстыылар.
- Күнүм буолла: күөнэҕим таҕыста
- Күнүм буолла: күөрэгэйим ыллаата
- Күнүм туолла, кэмим-кэрдиим кэллэ
- Күнүҥ иннигэр өлбөккүн
- Күнүүлээтэххэ түүн уһун, көһүттэххэ күн уһун
- Күнэ да күөнэҕэ да буолбут
- Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас
- Күн сири сырдатар, үөрэх - киһини
- Күн сирэ күндү
- Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр
- Күн туллара, күһэҥэ быата быстара буолла
- Күрүөтэ суох окко киирбит
- Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ
- Күөх далай, хара тыа иччитэ суох буолбат
- Кэччэгэй кэриэһэ суох
- Кэбирэх мастан үөн арахпат
- Кэтэһэн-кэтэһэн кэлтэгэй буолбут, манаһан-манаһан маҥаас буолбут
- Кэтээбитэ кэргэнэ, манаабыта балаҕана
- Кэһиллибэт кэс тыл
- Кырдьаҕас ыт күрдьүктэн арахпат
- Кыһыл тылынан ыллыктанар
- Киһи тыла уоттааҕар абытай
- Кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ, быһыаҥ иннинэ былааннаа.
- Кээнчэ быта кэтэххэ ыттыбытыгар дылы.
- Кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ уот иччитэ үөрэр.
М
уларыт- Маҥнайгы үрүүмкэни киһи иһэр, иккис үрүүмкэ киһини иһэр
- Моһоллору туораан модун санааланыаҥ.
- Мөккүстэххэ, кырдьык көстөөччү
- Мутугунан быраҕар муҥур үйэ
- Муҥ маһы кэрийбэт, дьону кэрийэр
- Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан
- Муос -муоска, тиис -тиискэ .
- Муус ураҕаһынан үүрбүт
- Муус сүрэхтээх, тимир тириилээх.
- Мин оҕом саары чуккулаах диэбиккэ дылы.
- Миннэрин билсибит дьон
- Миигин эйигинньик да абааһы сиэ суоҕа
- Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы.
- Мэкчиргэ үрдүк тиит төбөтүн былдьаһарыгар дылы
Н
уларыт- Наһаалаан эр, көрдөөбүккүн биэриэм ээ.
- Наһаа быаргын тарбаама,бэйэҕэр тиийэн кэлээрэй.
- Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ
- Нуучча күллэҕинэ саха күлэригэр дылы.
О
уларыт- Олох оҕо оонньуута буолбатах
- Олох олоруу - Ийэ дойдуга иэһи толоруу
- Олорор мутуккун кэрдимэ.
- Олоруохтааҕар оҥорор ордук.
- Олус кылгас олоххо олус иллээх буолуохха.
- Оҕо - киһи дьоло, эрэлэ
- Оҕолоох ыалтан уот иччитэ үөрэр
- Оҕус күүстээх да, оһох төрдүгэр сытар, ыт ытырыык да, сыыска сылдьар
- Ойоҕоскор хатырыкта хаалан
- Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт, дьонноох киһи өлөн биэрбэт
- Ойуурдаах мас охтубат
- Окко түспүт оҥоһуум, сиргэ түспүт сэрэбиэйим.
- Оннооҕор ый-күн алтыһар
- Оннооҕор ойуур (хара тыа) маһа үрдүктээх-намыһахтаах
- Оҥхой сир уута суох турбат
- Оҥойор айаҕын туһугар сылдьаахтыыр.
- Оҥойон турар оҥоруугуттан ордуон кэриэтэ, ох сааттан ордуоҥ
- Оройунан көрөн дьэ уол оҕото.
- Отонноотоххо оннооҕор оҥоойук туолар, үлэлээтэххэ үлэ бүтэр
- Оттон-мастан тутуһан,син дьылы туораатыбыт.
- Отуутугар ыксаабыт оҕус курдук.
Ө
уларыт- Өйдөөх өйүнэн өлөртөн куотар
- Өй -санаа өрүһүйүөхтээх - өһү -сааһы өһүлүөхтээх.
- Өйө суох киһи, мэнэрик дьахтар курдук, санаата таһыгар
- Өлбүт киһиттэн утурук эрэйбиккэ дылы
- Өлбүтү кытта өлбүт суох
- Өлүү быалаах, сор суоллаах
- Өлөрсүбүтү өлөрөн кэбиһэр - өбүгэ үгэһэ
- Өҥө өҥөнөн, үтүө үтүөнэн төлөнөр.
- Өрүс долгуннаах, олох очурдаах
- Өрүскэҕэр өрүскэ түһээйэххин.
- Өс хоһооно - өбүгэ номоҕо
- Өтөх төҥүргэстээх, уот кыымнаах
- Өттүк харалаах, илии тутуурдаах .
Өйдөөҕүмсүйүөҥ – күлүүгэ, элэккэ киириэҥ. Өйдөөх үтүөнү сатыыр, акаары алдьархайы сатыыр. Өйү өй, күүһү күүс баһыйар. Өлбүт ынаҕым үүттээх да этэ диэбит курдук. Өлбүт тиллибэт, барбыт эргийбэт. Өлөөрү гыммыт өлөңтөн тардыһар. Өлүөр эрээригин өлө сатаама. Өлүү суолун нэтээгинэн бүөлээбиккэ дылы.
С
уларыт- Саары баттаһар, саппай уопсар
- Сааттааҕы оҥорума - саргыгын самнарыма.
- Санаа баҕарар да, күүс тиийбэт
- Санаалаах татыма, өйдөөх мөлтөҕө
- Саҥа кэм - саҥа кыах
- Саҥа кэлбит тураах курдук
- Саҥа ыччат санаата күүстээх
- Салыҥнаах балык курдук киһи
- Сарсыарда эрдэ турбатаххына күҥҥүн сүтэриэҥ, оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ олоххун сүтэриэҥ.
- Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдырҕас
- Сатаабат сата баһын тардар, өйдөөбөт үөдэни хаһа
- Сатаа да саhыл саҕалан.
- Сатаан үөрэр идэлээх - саамай уһун үйэлээх.
- Сатабыллаах саһыл саҕалаах.
- Сатаммыт сап саҕаттан салҕанар
- Салаҥ киһиэхэ хара тыа маһа ытыыр
- Саллар сааһым, үллэр үйэм
- Саха, оҕуһун мииннин да, ырыаһыт
- Сахсырҕа саҥата да иһиллэр чуумпуга
- Саһыл түүтүнэн, киһи баайынан
- Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах.
- Сир түннүгэ киһи.
- Сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу
- Сирэйиттэн түүнүк үүммүт
- Сирэйигэр суорат кутан салыаҥ буоллаҕай.
- Силиһэ суох мас үүммэт.
- Силлибэт сириттэн ылларда.
- Сиэгэн сыыһа сиргэ быраһҕыллыбат, буобура сыыһа буорга хаалбат
- Сокуон хараҕа - мэкчиргэ төбөтө
- Солуута суох сонумсах, кэмэ суох киһиргэс.
- Сото кылгас даҕаны, соло улахан
- Сотору да көстүөх сордообут
- Соххор хараҕын уутун, доҕолоҥ сүһүөҕүн уутун сүүрүгүрпүт
- Соххортон солкуобайын, доҕолоҥтон торуоскатын көрдөөбүккэ дылы.
- Сордоҥ өллөҕүнэ тииһэ хаалар, киһи өллөҕүнэ аата хаалар
- Сөбүлээбит сүгэһэрдээҕи батыһар, таптаабыт тайахтааҕы батыһар
- Суобас диэн сур соноҕос буолбатах, уларсыкка сылдьыбат
- Суон ойуур курдук дурда, халыҥ ойуур курдук хахха
- Суон тиити быһаҕынан кэрпиккэ дылы.
- Суор суорун хараҕын оҥпот
- Суор суорун хараҕын оҥпот, тойон тойонун түһэн биэрбэт
- Суор оҕото - суор, тураах оҕото - тураах
- Суоҕу суоруоҥ дуо
- Суохтуу абааһыны балыйбыкка дылы
- Сүгэ кыайбатаҕын, сүбэ кыайар
- Сүгэ түһүөр дылы дүлүҥ сынньанар
- Сүүстэ истибиттээҕэр биирдэ көрбүт ордук
- Сүүстэн биири талбыт курдук
- Сүтүктээх сүүс айыылаах, уорбут биир айыылаах
- Сүтүктээх сүүс айыылаах, ийэтин да хоонньун хаһан көрүөҕэ
- Сүөһү тириитин үстэ сүлбэттэр.
- Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр
- Сүөһү күрүөлээҕэ үчүгэй, киһи бастааҕа үчүгэй
- Сүһүөхтээх бүдүрүйбэт буолбат, тыллаах кэлэҕэйдээбэт буолбат, харахтаах чыпчылыйбат буолбат
- Сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат.
- Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат
- Сүрэх баҕарар да, сүһүөх тиийбэт
- Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх
- Сүрэҕэ суох киһи утуйумтуо
- Сүрэҕэ суох үлэ чэпчэкитин, ас минньигэһин талар
- Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыан
- Сэргэх хаһан да хаалбат
- Сэрэн, сэттэҕин ылыахтара.
- Сэттэ киһи биир анньыыны аҕала барбыттарыгар дылы
- Сэттэ ыт тыһы биир кээнчэ буолбатаҕар дылы
- Суолтата: Ахсаанынан элбэх эрээри, туһата кыра
- Сымнаҕас уостаах кулун икки биэни эмэр
- Сымыйа туоһулаах диэбиккэ дылы
- Сымыйаччы туоһулаах
- Сыл диэн хонук
- Сылдьар даа сылаалаах (эбэтэр сылдьар да сыа буолбат).
- Сылдьыбыт сыа аһылыктаах, утуйбут уу аһылыктаах.
- Сылдьыбыт сыыһы булар
- Сылдьыбыт сыысхала сыыстааҕар элбэх, орто дойду оһоло оттооҕор элбэх
- Сыылла сылдьан сыарҕа быатын быспыт.
- Сыыһар сыыстааҕар элбэх, оһол оттооҕор элбэх
- Сылгы кистэһэн, киһи кэпсэтэн билсэр
- Сыалыһар быарыныы сымнаабыт
- Сыптарыҥнаах ынах хотону бүтүннүү сутуйар.
- Сыыр намыһахтыы миигинэн тиискин суунан эрдэҕиҥ.
Т
уларыт- Таала кырыыламмыт
- Тарбаххынан тал, сөмүйэҕинэн сүүмэрдээ
- Тапталы киһи булбат, таптал бэйэтэ булар
- Таптаатаххына тайахтааҕы батыһыаҥ.
- Тарбаххынан талан, сүрэххинэн сөбүлээн, хараххынан хайҕаан ыл
- Тимир тириитин кэппит
- Тимир илии, кытаҕас ытыс
- Тимири дьэбин сиир, киһини санаа -оноо иэдэтэр.
- Тиллиһэ тиэргэн, булкуһа буруо
- Тииһин сааҕын киһинэн сууйар
- Тиитин мин охтордум, тииҥин эн итигэстээтиҥ.
- Тиэргэн ыта үрүгэнигэр дылы
- Тэһэҕэс ыаҕаска дылы.
- Тойон олоҕор тураах олорор
- Тот бөҕө муҥнаах, аас бөҕө алдьархайдаах
- Тот тоҥуй, аччык амарах
- Тоттоххо тобук уйбат, аһаатахха атах уйбат.
- Токко сыа да сымсах, ааска уу да минньигэс
- Тоҕон ыт кутуругунан оонньуур
- Төрөөбүт дойдугун хараҕыҥ харатын курдук харыстаа
- Төрүт киһи төрүөҕэ, ытык киһи ыччата.
- Тураах ойоҕун курдук ачаа
- Туохха да ис буолбат киһи.
- Тумсун дулҕаҕа сотунна
- Туттуоҥ иннинэ толкуйдаа, кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ
- Туора киһи киэнигэр кыл саҕаны да көрөр, оттон бэйэтин иннигэр бэрэбинэ сытарын көрүммэт
- Туу курдук судургу киһи.
- Түргэн сырыылаах түптэ кутурук, тиэтэл сырыылаах тэлээр тэллэх
- Түүҥҥү сырыылаах, түүлээх уллуҥах.
- Түүн утуйбакка, күнүс олорбокко
- Түөкүн киһи үс күлүктээх
- Түөкүн мэлдьэҕэр, ыт тииһигэр эрэнэр
- Түөкүн мэлдьэҕин эрэнэр, ыт тииһин эрэнэр
- Түөкүн сүүс суоллаах
- Түөкүн үрдүгэр түөкүн үөскүүр.
- Түөһүн күүһүнэн, илиитин эрчиминэн
- Түөһүгэр силлэнэ -силлэнэ сытар киһи.
- Тыал курдук киһи.
- Тыал хоту бара сорунума - уларыйарын умнума.
- Тыалынан киирбит холоругунан тахсар
- Тыала суохха мас хамсаабат
- Тылгын эрэ биэрэр - тутах, толороруҥ -туйгун.
- Тыынын хабахха үрбүт
- Тыл уҥуоҕа суох
- Тыл тылдьыттаах, ыал ыалдьыттаах.
- Тылыттан хаптарда.
- Тыыппалаах ыччат тахсыыһы.
- Тыыннаах дьон тэбэр сүрэхтээх, саныыр санаалаах буолаллар
- Тыыннаах киһи тапталтан ханна да куоппат
- Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх - сыыр үрдүгэр тахсар.
- Тэбэр сүрэхтээх, тардар тымырдаах, оонньуур хааннаах киһи
- Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар түөн саҕа үрүҥ санаа ордук
- Тэллэҕэр тэстибит, суорҕаныгар холлубут
- Тэҥнээххэр киирдэххинэ, тэллэх ыта буолуоҥ
- Тэбэр атах, охсор илии оҥостубут.
У
уларыт- Улуу дойду оспуостаах, аан дойду аартыктаах, күөх далай оломноох, хара тыа ыллыктаах
- Улуу дьон харахтара көрүгэс, кулгаахтара истигэн.
- Уол оҕо дьоаллоох, соноҕос ат соргулаах
- Уол оҕо дьолун туох да билбэт
- Уол оҕо дьоло сир түөрт өттүгэр
- Уол оҕо төрөөтөҕүнэ куруҥҥа суор үөрэр
- Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр, кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ ыт үөрэр
- Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар
- Уол оҕо дьоллоох, таҥара баайдаах.
- Уолугунан тыынан, бэлэһинэн тарбаан турда.
- Уохтаах буору сиэмэ сөбүлүүр, үтүө санаалаах киһини дьон сөбүлүүр
- Ууокка бырахтахха, кэҥсик тахсыбат, күөх окко суулаатахха, атыыр оҕус сыллаабат, сыаҕа былаатахха, ыт сымсайбат
- Уруу ырааҕа, уу чугаһа ордук
- Ураанай туоһахталаммытыгар дылы
- Умнаһыт бурдугун тыал көтүппүтүгэр дылы
- Умса түстэххэ сүүспүттэн өйүө, иттэнэ түстэххэ кэтэхтэн өйүө
- Умсаннары уур, иттэннэри уур, үүт үкчү аҕатын курдук.
- Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах
- Уу диэбитэ - хаар, хаар диэбитэ - уу
- Уу кыыһыгар дылы уруумсах.
- Ууну омурдубут курдук ньимиликээн олордо.
- Ууга түстэххэ ороспот сыганныылар
- Ууга түспүт киһи оттон тутуһар
- Уутааҕар чуумпу, оттооҕор намыһах .
- Улахан айаҥҥатуруммут киһи ыт үрэригэр наадыйбат.
Ү
уларыт- Үгүс киһи хараҕа - таҥара хараҕа, үгүс киһи санаата - таҥара санаата
- Үлэ ата - от хаата, үлэ киһитэ - ас хаата
- Үлэ сыа кырбыыр буолбатах.
- Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй.
- Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан.
- Үлэҕэ үлүһүйүү- үчүгэйгэ өксөйүү.
- Үктээтэххэ, оннооҕор кутуйах оҕото чыыбыргыыр
- Үҥсэҥҥин үүттэ ис, хобулааҥҥын хобордоохто салаа.
- Үөрдүбүт киһиҥ хараҕа - үрдүктэн үрдүк хайҕабыл.
- Үөрэнии - син биир сүүрүгү утары эрдинэр кэриэтэ
- Үөрэх баар - бараммат баай
- Үөрэҕэ суох киһи хараҕа суоҕун кэриэтэ
- Үөрүнньэҥ киһилиин күн үөрсэр.
- Үптээҕи көрдөҕүнэ - өлөрөр, харчылааҕы көрдөҕүнэ - халыыр
- Үрүҥү хара, хараны үрүҥ диир киһи.
- Үрдүлэринэн үрүҥ чыычааҕы көтүппэт,анныларынан сур кырынааһы аһарбат.
- Үс өргөстөөх, аҕыс кырыылаах киһи
- Үс саха куолута
- Үтэһэтэ туолбут, чабычаҕа таһымнаабыт
- Үтүлүгүн иһигэр кокуоскалаабыкка дылы.
- Үтүө аат-суол баайдааҕар ордук
- Үтүө доҕор - улуу баай.
- Үтүө киһи биир тыллаах, үтүө ат биир кымньыылаах
- Үтүө киһи үллүктээх, бэрт киһи бэриилээх
- Үтүө тыл баайдааҕар күндү
- Үүт испэтэх үнүгэс оҕотугар дылы
- Үүтүн тохпут оҕоҕо дылы
- Үүн тиэрбэһигэр дылы эриличчи көрбүт.
- Үрүҥ күн сырдыга баҕалаах
- Үчүгэй майгыҥ - көтөр кынатыҥ
- Үчүгэй эмиэ доҕуһуоллаах, куһаҕан эмиэ содуллаах
Х
уларыт- Хаан-урууну өрүс да уутунан сууйуллубат
- Хаана хойунна.
- Хаахыныыр мас охтон биэрбэт
- Хайдар суола биллибэт, хаһыырдар саҥата иһиллибэт
- Хайыҥын охсунна
- Халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан киһи.
- Халлааҥҥа туойан кэбистэ
- Халлаантан ас түһүө диэн айаххын атыма.
- Халыҥ хаһанан харчы кэбиһэр, суон саалынан мохсуо кэбиһэр
- Халбаҕа дылы суохтан атыны билбэт
- Хампыат мичиҥнэтэр, хайҕал киһиргэтэр.
- Хантайан туран халлааҥҥа силлээмэ
- Халыҥ хаһанан харчы кэбиһэр, суон саалынан мохсуо быраҕар
- Халыҥ айыы, хара буруй
- Ханнын сааҕа сылаас ынах төрүөхтээх буолар.
- Хара үөһүн хаһыспыт.
- Харайбатахха, тимир да дьэбиннирэр.
- Харбаан көрдөҕүнэ хабыалыктаах, тутан көрдөҕүнэ тутуолуктаах.
- Харыйаны таҥнары соспут курдук киһи
- Харсыылаах оҕустар курдуктар
- Харчы ахсааны сөбүлүүр
- Харытыттан харбатта.
- Хахай хаанын киллэрбит.
- Хаҕыс сыһыантан харах ууланар.
- Холоон эрээри хоноһомсуйар, барбах эрээри маанымсыйар
- Хоргуһу кытта аргыстаһыма, кутталгыттан бэйэҥ хоргус буолуоҥ
Ы
уларыт- Ыалдьартан илии арахпат, таптыыртан харах арахпат
- Ыалдьыты маанылыыр, тоҥмуту ириэрэр
- Ыалга аһаабыт ас боруокка хаалар
- Ый-күн ыһыаҕа оҥордо
- Ынах эрэ муостаах, сылгы эрэ туйахтаах, ыт эрэ тиистээх
- Ыраас мууска ууран биэрдэ.
- Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн
- Ыстыыр ыас оҥостубут.
- Ыт аттаппыт киһитигэр бэрт буоларыгар дылы
- Суолтата: Куруук атаҕастанар киһигэр ньылаҥныыры этэллэр
- Ыт аттаппыт киһитигэр бэрдигэр дылы
- Ыт аһыыр иһитигэр кулгуйарыгар дылы
- Ыт баһа көмүс кытахтан төкүнүйбүт диэбиккэ дылы
- Ыт курдук ымсыылаах
- Ыт кыыстаннахха кыпчыйар
- Суолтата: сөбүлээбэти биллэрии
- Ыт саадахтаммытыгар дылы
- Ыт сыҥсыйбытыгар дылы
- Суолтата: Дуона суох дьыала туһунан этэллэр
- Ыт саһылы тутан баран ойуутун көрө сатыырыгар дылы
- Ыт тииһиттэн ыт туох да буолбат
- Ыт тииһиттэн ыт өлбөт, ынах муоһуттан ынах өлбөт
- Ыттан тириитин ылыаҥ суоҕа
- Ыт үрбэт, ымыы ыллаабат, тураах тохтообот, туруйа хаһыытаабат
- Суолтата: Чуумпу, киһи-сүөһү суох, иччитэх
- Ыт үрэр, тыал үүрэр
- Ыт хаалтыстаммытыгар дылы
- Ыт ыксаан икки хараҕа суох оҕону төрөтөр.
- Ытыс үрдүгэр түһэрдилэр
- Ытыс тэһэҕэс киһи.
- Ылар илии билбэт, биэрэр илии билэр
- Ылбайга быһахтаммыкка дылы
- Ынаҕы иккитэ сүлүллүбэт
- Ыытар кыырт, тэбэр мохсоҕол
- Ырбаахытын тэллэҕэр уон уоттаах дьахтар.
- Ыттаах куоскаҕа дылы.
- Ыт киһи доҕоро.
- Ыт атаҕын туттарда.
Э
уларыт- Эмэһэтигэр муус купчуур киирбит
- Эмэһэтин кирсэ быстыбыт
- Эмэһэтин тыаһыттан үргэр
- Эн эппэтэҕиҥ – таҥара эппитэ буоллун
- Эн инниҥ туспа, мин инним туспа
- Эдэрбин диэн эрэнимэ, кырдьаҕаспын диэн түүнүмэ
- Эдэр саас, күөгэйэр күн
- Эдэртэн эйэтин, кырдьаҕастан алгыһын
- Эттэрин ыт сиэбэт буолла
- Элбэҕи истэр киһи элбэх хобдоҕу билэр.
- Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар
- Элбэхтэн элбэх охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо
- Элийбити элиэ сиир, быралыйбыты бырдах сиир
- Этэҥҥин эт сиэҥ суоҕа, хобулааҥҥын хоһуок саахар сиэҥ суоҕа
- Этиллибит тыл иһиллибэт буолбат
- Эппит тыл биир, санаабыт санаа төлөрүйбэт
- Эйэҕэс киһи үгүс доҕордоох
- Эриэн ыт элэгэ, күөт ыт күлүүтэ буолбут
- Эрэ суох дьахтар хаппыт хатыҥ кэриэтэ.
- Эрэй бөҕөтүн таныытынан тыырбыт киһи.
- Эрэйдээх этигэс, муҥнаах булугас
- Эрэйдээхтэн эрэй арахпат, муҥнаахтан муҥ арахпат
- Эргэ эстибит, саҥа сандаарбыт
- Эрдэ турбут чыычаах тумуһун соттор, хойут турбут чыыаах хараҕын хастар
- Эр киһи тыла биир
- Эр бэрдэ, элик үтүөтэ
- Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх
- Эр киһи эһэ-бөрө сүрэхтээх
- Эр сүрэҕинэн, эһэ тыҥыраҕынан
- Эр сүрэҕинэн, дьахтар тапталынан* Балык ыамнаах, киһи күннээх
- Эһэ кымырдаҕастаабытыгар дылы.
- Этиттэн эрэ сиэҥ дуо,мииниттэн да иһистэҕиҥ ди.