быралыйар

Тылга сыһыаннаах өс хоһоонноро

уларыт
  • Аҕыйах тыл минньигэс, элбэх тыл сымсах.
  • Быhах сытыыта, тыл чобуота ордук.
  • Киһи тыла – ох
  • Киһи тыла уоттааҕар абытай.
  • Кыһыл тыл - байҕалы оломнуур.
  • Сиэрдээх тылы утарар кытаанах.
  • Тыл барда – бас барда
  • Тылы тыалга бырахпаттар.
  • Үтүө ат биир кымньыылаах, үтүө киһи биир тыллаах.
  • Үтүө тыл баайдааҕар күндү
  • Эппит эйэҕэс тылыҥ үтүөнэн эргиллэн кэлиэҕэ.
  • Элбэх тылтан элбэх сыыһа тахсар.
  • Эр киһи тыла биир.
  • Эн эппэтэҕиҥ – таҥара эппитэ буоллун.
  • Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэр.
  • Кэһиллибэт кэс тыл.
  • Өс хоһооно - өбүгэ номоҕо.
  • Саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт.
  • Кыыс оҕо ырыатыгар кыттыспыт, уол оҕо тойугар холбоспут.
  • Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах.
  • Тыл уҥуоҕа суох.
  • Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
  • Этиллибит тыл иһиллибэт буолбат.
  •  

Биир тылы билэр киһи — соҕотох киһи, үс тылы билэр — үс киһи.

  — Цхьа мотт ховр цьха саг ва, кхоъ мотт ховр кхоъ саг ва. Ингуш өһүн хоһооно

Сомоҕо домохтор

уларыт
  • тыл ааҕыс
  • тыла айаҕар баппат, атаҕа суолга баппат
  • тыла бара турар
  • тыла бөлүөһүннэ (булдьуйда)
  • тыла кыһыйар
  • тыла өҕүллүбэт
  • тыла-өһө тобуллар
  • тыла өһүлүннэ (сөлүннэ)
  • тыла суох барда
  • тыла суох ыыт
  • тыла тарпыт
  • тыла тахсыбат
  • тыла тиийэр
  • тыла уҥуохтана илик
  • тыла уһуктаммыт
  • тыла халыҥ
  • тылбай-өспөй буол
  • тылбытын аҥардаһыах
  • тылга иҥнэр (түбэһэр)
  • тылга киллэр
  • тылга олорт
  • тылгар тур
  • тылга тиис
  • тылгын тылбыылаа

Хоһоонтон быһа тардыылар

уларыт
  •  

Сүүрбэһис үйэ муммут
Куһун оҕотун
Санатар ийэ тылын
Сүтэрбит киһи.

  Умсуура
  •  

 
Тэйэ-тэлэһийэ, ыраата түстэрбин эрэ,
Атын дойдуга, атын эйгэҕэ өөр буолларбын эрэ —
Соҕотох тылбын, төрөөбүт тылбын бүтэйдии ахтабын.
Сахалыы сыыйа, наллаан сэһэргэһии минньигэһин,
Урааҥхайдыы уран, уус тыл уйанын, хатанын,
Ийэ тыл эккэ киирэн ититэрин, имэҥирдэрин
Санаан кэллэрбин эрэ — санньы-курус уостабын, умуллабын.
Майгым-сигилим маратыйа уларыйар.
Ыарыы суоҕар ыарыы ынчыгынан тыынабын.
Тылбын, төрөөбүт тылбын, сахалыы саҥабын суохтуубун.

  Сиэн Кынат


  •  

Куту-сүрү кууһар тылы,
Сүрэхтэри аһар тылы,
Иэйии буолан иҥэр тылы
Ис дууһаҕын аһан саҥар.

  — К.Васильева


  •  

 Уу устар, уларыйар
Үрэх сүүрүгүрэр, сүүдүйэр,
Киһи кэхтэр, кэбэлийэр,
Тыл сытыйбат, сыттаммат,
Сурук сууйуллубат, суодуйбат.

  Алампа

Тыл туһунан бэргэн этиилэр

уларыт
  •  

Өскө төрүт тылгын умнуоҥ —
Өнүйбэккэ ииниэҥ-хатыаҥ,
Силис тардыах сиргин тумнуоҥ —
Симэлийэн сүтэн барыаҥ.

  Сэмэн Руфов
  • Ханнык тыл этиллибитэ суолтата суох, ол тыл хайдах этиллибитэ суолталааҕа кырдьык эбит.
  • Бэл диэтэр, туох да кэтэх санаата суох алҕас төлө ыһыктыллыбыт тыл саҕа сытыы, ыарыылаах туох баар үһүө.
  • Оо, дьон киһи сүрэҕин саамай уйан бааһын холуон тылынан таарыйаргытыттан тоҕо сэрэммэккит буолуой?
  • Дарбааннаах тыл бэрт дөбөҥнүк этиллэр даҕаны, ол курдук бэрт дөбөҥнүк күдэн кэриэтэ көтөр даҕаны.
  • Ардах уута хотоол сиргэ мустарын кэриэтэ, тыл хонноҕуна хонон барааччы.
  •  

Өйдөммүт өй, этиллибит тыл барыта туолан истэр, орто дойду олоҕо олус да судургу буолуох этэ.

  Софрон Данилов


  •  

Уу устар, уларыйар,
Үрэх сүүрүгүрэр, сүүдүйэр,
Киһи кэхтэр, кэбэлийэр,
Тыл сытыйбат, сыттаммат,
Сурук сууйуллубат, суодуйбат.

  Алампа
  •  

Төрөөбүт тылы таптааһын төрөөбүт норуоту таптааһыны, киниэхэ ис сүрэхтэн бэриниилээх буолууну кытта быстыспат ситимнээх.
Күүстээх,көдьүүстээх тыл кэмигэр,сөпкө,ис сүрэхтэн этиллиэн наада.Оннук тыл кулгаахха иһиллибэт,сүрэххэ иҥмэт буолуон сатаммат.Кини судургу,туруору буолааччы.
Дьулааннаах суол туһунан саҥарары киһи хойутата сатыыр үгэстээх.
Киһи үөрүүтүнээҕэр эрэйин ордук сатаан кэпсиир.

  Амма Аччыгыйа


  •  

Ийэ тылгыттан абыралы булуоҥ,
Кини баай байҕалыгар тиксэҥҥин
Баай дууһаланыаҥ,
Өлбөт өйдөнүөҥ.

  Сэмэн Данилов


  •  

Наассыйа бастыҥ бас билиитэ - кини тыла

  Иосиф Бродскай
  •  

Саха тыла! Саха омук тылын сүмэтэ — Кулаковскай, Ойуунускай тыллара! Түҥ былыргы соҕурууҥҥу уордаах сахтары уонна хоту тымныы-тыйыс дьыбарын бииргэ ыпсаран сатаан холбообут, ону ойуулаан-оһуордаан, уустаан-ураннаан хомоҕой хоһоон, ыллам ырыа, кэрэ кэпсээн гыммыт мин төрөөбүт сахам тыла кэнэҕиһин-кэнэҕэс кэхтэн-эстэн хаалбакка, аан дойду норуоттарын муудараһыгар кыттыстар, киһи аймах культуратын фондатыгар аналлаах миэстэтин буолар...

  Далан

Тыл туһунан этиилэр

уларыт
  •  

Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат.

  Амма Аччыгыйа

Киһи тылын олус ылыннарыан баҕардаҕына,ардыгар,тыла-өһө мөлтөөн-сыппаан хаалааччы.Софрон Данилов.

Туора киһи баарыгар кэпсэтии атын,итэҕэйсэр бэйэ дьонун ыккардыгар атын.Н.Лугинов.

Киһи дьиҥнээхтик сөбүлүүр,ытыктыыр,эрэнэр киһитигэр эрэ кичэм санаатын кэпсиэн сөп.Софр.Данилов.

Эбии маны көр

уларыт