Дьахтар уонна эр киһи
Манна дьахтарга уонна эр киһиэхэ, кинилэр сыһыаннарыгар аналлаах этиилэр киирэллэр.
Манна сыһыаннаах өс хоһоонноро
уларыт- Аҕам киһи санаата улуу сыһыы уҥуоргу өттүн туоруур, дьахтар санаата аһын саҕатын ааспат.
- Дьахтар уруута амарах, эр киһи уруута таһарах.
- Дьахтар оронуттан туран уот оттуор диэри 40 санааны саныыр.
- Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас.
- Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас, көхсө сиэҕинээҕэр кыараҕас.
- Дьахтар таптаныытын таптыыр, оҕо оҕолонуутун таптыыр, саа сууйуутун таптыыр, кымыс хамнатыытын таптыыр.
- Дьахтар таһыыры таптыыр, хаарты ырытыыны таптыыр.
- Дьахтар дьылҕата эр киһи илиитигэр.
- Дьахтартан тахсыбыт - тылыгар киирбит.
- Кинээс ойоҕо кэтэхтээх, уус ойоҕо улаатымсык, ойуун ойоҕо улаҕалаах.
- Киһи бэрдинэн эр-ойох буолбат.
- Киһи ойоҕо ойох буолбат.
- Одьулууну ойохтонума, кииринньэҥҥэ кииримэ.
- Ойуун ойоҕо дьоллоох, уус ойоҕо дархан.
- Ойуун ойоҕо дархан, кинээс ойоҕо халааннаах.
- Сир хара да бурдук үүнэр, хаар маҥан да ыт ииктиир.
- Суолтата: Хара дьүһүннээх дьахтары маҥан сирэйдээххэ (аҥаардас маҥан сирэйдээҕин эрэ иһин) ордорбуттарын көмүскээн этэргэ
- Ыт көрбүт эрэ чөҥөчөгөр ииктииригэр дылы.
- Суолтата: Дьахтарга барытыгар саантыыр киһи, ловелас
- Үүттээх таас өлүүтүттэн маппат.
- Суолтата: Ханнык баҕар кыыс сирдээҕи дьолун булуоҕун, кэргэн тахсыаҕын туһунан.
- Эр киһи уһун санаалаах, киэҥ көҕүстээх.
- Эр киһи эһэ-бөрө сүрэхтээх.
- Эр сүрэҕинэн, дьахтар тапталынан.
- Эрэ суох дьахтар иччитэ суох ынах кэриэтэ
- Эрэ суох дьахтар хаппыт хатыҥ кэриэтэ.
- Эриҥ дьадаҥы да буоллар, кинини таҥнарыма.
- Эр сүрэҕинэн, ыт тииһинэн, дьахтар абаһынан.
- А.Е. Кулаковскай - Саха өһүн хоһооно, 1925 сыл.
Манна сыһыаннаах айымньылартан быһа тардыылар
уларыт— Иирбит Ньукуус, Былатыан Ойуунускай, 1923 |
Дьахтар күүһэ таҥараны кыайбыта... | |
— Иирбит Ньукуус, Былатыан Ойуунускай, 1923 |
Дьахтар аймах, эдэриттэн-эмэниттэн тутулуга суох, санаатын туттарбыт киһитин ис санаатын билээри гыннаҕына, кыынньыыр, өһүргэтэр үгэстээх. Ол син уоту саҕар кэриэтэ буолар. Саҥа сыккыстаан эрэр уот күөртүүр салгынтан эбэтэр умуллар, эбэтэр күөдьүйэр. | |
— Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай, Бичик: 2004. С.20 |
Киһи үксэ кистэлэҥ олохтоох. Оттон өскөтүн ол кистэлэҥ олох кэргэннээх дьахтар атын киһиэхэ таптала буоллаҕына, дьахтардаах эр киһи өйдөрө-санаалара, албастара бу кинилэр кистэлэҥ олохторо икки атахтаахха биллибэтин-иһиллибэтин туһугар туһаайыллар. Уонна бу охсуһуу дьылҕата бүүс-бүтүннүү былыр-былыргыттан дьахтар кыаҕар, кини илиитигэр бэриллэр. Эр киһи күүһэ - быччыҥар, дьахтар күүһэ - кини албаһыгар, сатабылыгар! Кэргэнин иннигэр куттала, дьон иннигэр саата-суута, таптыыр киһитигэр ахтылҕана - бу барыта холбоһон дьахтары таба туттарбат салыҥнаах балыкка, албын саһылга кубулутар. | |
— Афанасий Харитонов. Тайахтаах таптал. Дьокуускай, Бичик: 2004. С.34 |
Хоһооннорон быһа тардыылар
уларыт Хоойго сытар доҕорбун | |
— Сэмэн Маайыһап, Туоххаһыйыы // Үрүҥ өҥ : хоһооннор, Дь., Бичик, 2009. - 32. С.5 |