Нүһүлгэн
(Мантан: Ксенофонт Уткин-НҮҺҮЛГЭН көстө)
Уткин Ксенофонт Дмитриевич — Нүһүлгэн, бөлүһүөпүйэ дуоктара, бэрэпиэссэр, бэйиэт уонна литэрэтиирэ кириитигэ. Арассыыйа журналистарын холбоһуктарын чилиэнэ.
Айымньыларыттан быһа тардыылар
уларыт- Олох олоруу халыҥ мууһунан хаамары санатар. Хас хардыыҥ ахсааҥҥа сылдьар.
- Таптал диэн дьаралык буоллаҕа. Аастар эрэ ааһар майгылаах.
- Хайҕабыл диэн халаан уута.
- Үтүө киһи хаһаас кэриэтэ өрүү туһалаах.
- Төрүт сир ытыһы санатар. Сымнаҕас, сылаас, чугас сылдьар.
- Соҕотох киһи - иннэ кэриэтэ. Саба суох тугу гыныаҕай?
- Кырдьар - дьол. Баҕарбытыҥ туоларын күннэтэ көрөҕүн.
- Тэбэр сүрэхтээх, күүрэрэ тымырдаах тапталга наадыйар. Тохтуор диэри.
- Оһох оттулуннаҕына - ыал баар.