Биики Домох:Күрэс:2019.03.19

Күрэс түмүктэннэ.

Биики Домох Ийэ тыл күнүгэр анаан (хойутаан да буоллар😉) күрэс ыытар.

Күрэс ис хоһооно кылгастык: 4 хонук иһигэр ким ордук элбэх саҥа ыстатыйаны суруйбут кыайыылаах буолар.

2 номинациялаах: Биирэ саҥа бэлиэтэммит, урут суруйа илик дьоҥҥо, иккиһэ - уопуттаахтарга.

Бириис: Гуманитарнай чинчийии института (ГЧИ) туруорбут Быһаарыылаах тылдьытын 14-с туома.
Болдьоҕо: 2019 сыл кулун тутар 12 күнүттэн 16 күнүгэр, түүн 12 чааска диэри оҥоһуллубут ыстатыйалар ааҕылаллар.

Быраабылата:

уларыт

Ыстатыйа саҥа буолуохтаах, Биики Домох сиэрин (быраабылатын) кэһиэ суохтаах, сотулларга ууруллубут ыстатыйа аахсыллыбат. Ыстатыйа толорута, уһуна-кылгаһа, таба суруйууга алҕастааҕа (ол иһигэр сахалыы буукубалар атын буукубанан солбуллубуттара) суолтаҕа ылыллыбат. Ахсаан эрэ суолтаҕа ылыллар.

Кыттар киһи хайаан да бэлиэтэммит буолуохтаах, аатын суруйбакка псевдонимынан суруйара көҥүллэнэр, ол эрээри кыайар түгэнигэр тэрийээччилэргэ дьиҥнээх аатын этиэхтээх (баҕарбат буоллаҕына, аата киэҥ эйгэҕэ таһаарыллыбат).

Тэрийээччилэр:

уларыт

Халан уонна Рустам Каженкин (Арчы Уола).

Инфопартнер: "Кыым" суруналыыһа Альберт Капрынов.

Кытаатыҥ! Саха тыла интэриниэт киэҥ киэлитин толороругар көмө буолуҥ! Бу суругу тарҕатарга көмөлөһүҥ! Аттар түстүлэ-эр!

Түмүк

уларыт

Күрэскэ 6 киһи кытынна: Soppuruon, Дэгиэ, Баай Барылаах, Ayanivanov, Уйулҕан.

25 саҥа ыстатыйа баар буолла: Аартык, Эмээхсин, Ходуһа, Сэмсэ, Таман, Хомурах, Уһурбах, Кытыйа, Былаат, Хоноһо, Үтэһэ, Орон, Бэргэһэлэнии, Роберт Пенн Уоррен, Пьер Верон, Сэмюэл Голдвин, Черчилль Уинстон, Холорук, Дьылҕа, Тирбэҕэ, Талыы, Кыыс, Алдьархай, Виталий Очиров.

Ону таһынан күрэс кэмигэр Тыл, Идэ, Ыал, Ынах, Үөрэх, Үүт, Ойох, Чардаат (киһи уҥуоҕа), Аат, Таптал диэн ыстатыйалар тупсарылыннылар.

Урут бэлиэтэммит кыттааччыларга кыайыыны ситистэ Кыттааччы:Soppuruon.

Саҥа бэлиэтэммит кыттааччыларга кыайда Кыттааччы:Ayanivanov.

Кыайыылаахтары эҕэрдэлиибит! Бары кыттыбыттарга махтанабыт, дьолу-соргуну баҕарабыт!

Кыайыылаахтар бириискитин тоҕоостоох кэмҥэ туттарыахпыт.